Байдам Уус: «Саха быһаҕа бренд буолла»
Гражданскай пуорум чэрчитинэн, Саха тыйаатырыгар бэйэ оҥоһуктарын быыстапката буола турар. Манна уустар, маастардар, урбаанньыттар бэйэлэрин оҥоһуктарын атыылаатылар. Александр Васильев-Байдам Уус куоракка мастарыскыай арынан, дьиэ кэргэнинэн араас оҥоһуктары оҥороллор.
Тимир, мас, муос ууһа Александр Владимирович Ньурбаттан төрүттээх. 2008 сылтан араас оҥоһуктарын оҥорор, 2011 сылтан быһах охсон саҕалаабыта. Бастаан 16-с №-дээх ПТУ-га ювелир-монтировщик идэтигэр, онтон технология, дизайн кэллиэһигэр уонна Санкт-Петербурдааҕы технология, дизайн университетыгар, барыта уонча сыл үөрэммитэ. Бу иннинэ дьиэ кэргэнинэн багетнай мастарыскыайы арыйан үлэлэтэ сылдьыбыттара. Муоһу кыһан, уран оҥоһуктары оҥороро. 2009 сыллаахха сэлии муоһун сыаната эмискэ үрдээн, ону тохтоппута.
— Биһиги Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа үрдүнэн быыстапкалары кэрийэ сылдьан, оҥоһуктарбытын көрдөрөбүт, атыылыыбыт. Кыттыбыт быыстапкам аайы — кыайан уонна миэстэлэһэн иһэбин. Сири-дойдуну, быыстапкалары кэрийэр үчүгэйэ диэн — элбэх сибээс олохтуугун, бэйэҥ да сайдаҕын, үүнэҕин.
Оҥоһуктарбытыгар үйэлээх мэктиэни («пожизненная гарантия») биэрэбит. Дьокуускайга олорор дьиэбит аттыгар уһанар дьиэлээхпин. Дьиэ кэргэммит биисинэһэ буолар. Кэргэним Татьяна Николаевна күүскэ үлэлэһэр, 3 оҕобут эмиэ көмөлөһөллөр. Кинилэр туойунан харысхаллары, таастан браслеттары оҥороллор, хамнастаһаллар. Мин онно эскиз, макет оҥорон биэрэбин.
Дьон саамай наадыйара — быһах, ол иһин улахан баартыйаларынан сакаастыыллар. Бу хайысханы сөпкө талбыппыт дии саныыбын. Маны тэҥэ, батастары, хататтары эмиэ оҥоробун.
— Бу дьарык улахан дьиэ кэргэни аһатар-таҥыннарар кыахтаах дуо?
— Дьэ буоллаҕа дии, ол иһин элбэх хайысхаттан талан ылбыппыт. Маҕаһыыннар кууһунан сакаастыыллар, оннук оҥорор буолан, биһиэхэ үчүгэй. Бастайааннай ыла тураллар. Атын эрэгийиэннэртэн интэриэс баһаам. Казахстаҥҥа Саха сириттэн бастакынан дуогабары биһиги оҥорсубуппут.
«Саха быһаҕа» диэн бренд буолла, патеннаттылар, ол иһин Саха сиригэр эрэ оҥоһуллара көҥүллэнэр. Атын сиргэ оҥороллоро бобулунна.
— Бу Гражданскай пуорум иһинэн ыытыллыбыт быыстапканы хайдах дии санаатыҥ?
— Үчүгэй, син ылаллар. Быыстапкаларга кыттыы үчүгэйэ диэн, бэйэҕин көрдөрөҕүн, визиткалары тарҕатаҕын, сибээс олохтуугун.
— Үйэлээх мэктиэ диэн тугуй? Быһах сыппаатаҕына, сытыылаан биэрэҕин дуо?
— Мээнэ уустар итинниги биэрбэттэр. Илдьэ сылдьар тухары быһах сыппаатаҕына, аҕалаллар, мин буор-босхо сытыылаан биэрэбин. Быһахтарбыттан биир да алдьана илик. Туох эрэ сөбүлээбэтэх түгэннэрэ баар буоллаҕына, мин сыыһам баар дуо диэн көрөбүн. Бэйэм сыыһам баар буоллаҕына, атыны, саҥаны оҥорон биэрэбин. Ол иһин дьон куттаммакка ылар, эрэнэр. Ол ылан баран, оҕолоругар, аймахтарыгар кэпсээн, «этэрбэс араадьыйата» үлэлээн барар. Онон бастайааннай сакаас баар.
— Тимиргин хантан ылаҕыный?
— Тимир билигин атыыга кэлэ турар. Үчүгэй тимирдэр бааллар. Урут суох буолан, «копалка» тимириттэн эҥин оҥорор этибит. Билигин кэлии тимир баһаам, арааһа элбэх. Сороҕор, быһаҕыҥ тоҕо ыарахан сыаналааҕый диэн ыйыталлар. Араас мааркалаах тимир оҥоһуута, «термообработката» араас буолар. Сороҕо биир күн иһигэр, сороҕо үс хонукка оҥоһуллар, ол иһин оҥоһуута ыараан, сыаната эмиэ үрдээн хаалар.
Бу курдук Васильевтар дьиэ кэргэн өбүгэ дьарыгын сөргүтэн, айар үлэни өрө тутан, оҕолорун сахалыы сиэргэ, үлэҕэ иитэн, ньир-бааччы олороллор, үлэлииллэр-хамсыыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: