«Байыаннай дьайыы дьоруойдара» быыстапка аһылынна

Share

Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр,  «Арассыыйа — мин устуоруйам»  түмэлгэ  «Байыаннай дьайыы дьоруойдара» диэн мультимедийнэй  быыстапка аһылынна.

Ил Дархан Айсен  Николаев быыстапкаҕа  модун Арассыыйа,   өрөспүүбүлүкэбит устуоруйата түмүллүбүтүн, ону сэргэ байыаннай дьайыыга буойуттарбыт хорсун быһыыларын норуот, дьон-сэргэ билиэхтээҕин, үүнэр көлүөнэ маны билэ улаатыахтааҕын этэн туран:  «Сахабыт сирин киэн туттар дьоно — дьоруойдарбыт тустарынан быыстапка Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр  сөп түбэспитэ ураты буолар. Байыастарбыт этэҥҥэ кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэллиннэр!» —  диэтэ  Ил Дархан.

«Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэл  экскурсовода Айсен Габышев:

Мультимедийнай быыстапка экспозицията байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананар. Дойду үрдүнэн устуоруйаҕа сыһыаннаах пааркаларга, ол иһигэр  Санкт-Петербург куораттан Владивостокка тиийэ маннык быыстапка туруоҕа. Байыаннай дьайыы дьоруойдара диэн бырайыагы «Синергия» университет уонна Арассыыйатааҕы «Знание» уопсастыба кыттыгас толкуйдаабыттара. Бу сүүрбэ графическай новеллаттан турар, уруһуйдарга байыаннай дьайыы дьиҥнээх дьоруойдарын устуоруйалара  кэпсэнэр. Маннык бырайыактар оскуола оҕолорун болҕомтолорун тардар. Онон оҕолор холобур оҥосто, киэн тутта улааталларыгар көмөлөөх. Быыстапка ыам ыйын устата туруоҕа. Кэлиҥ, көрүҥ, сылдьыҥ.

Бэлиэтээн суруйдахха, «Байыаннай дьайыы дьоруойдара» мультимедийнай быыстапка олунньу ыйга аан бастаан Москва куоракка «Арассыыйа — мин устуоруйам» паарка былаһааккатыгар турбута. Арассыыйа араас куораттарыгар, Волгоградка, Екатеринбурга, Краснодарга, Махачкалаҕа, Омскайга, Саратовка о.д.а куораттарга турбута.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

45 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

56 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

2 часа ago