Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө саҥардылынна

Share

Алтынньы 30 күнүнээҕи брифиҥҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Ил Дархан алтынньы 23 күнүгэр саҥа ыйаахха илии баттаабытын туһунан санатта. Ыйаах аата — «О мерах поддержки участников специальной военной операции и членов их семей в период проведения специальной военной операции» диэн.

Бу ыйаахха байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ систиэмэлэннилэр уонна саҥа миэрэлэр баар буоллулар диэн вице-премьер эттэ.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн көмө саҥа миэрэлэрэ киириэхтэрэ. Холобур, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара хомунаалынай өҥөҕө хапытаалынай өрөмүөн иһин усунуос аҥаарын эрэ төлүөхтэрэ. Оттон кинилэр оҕолоро судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэргэ спортивнай сиэксийэлэргэ дьарыктанар буоллахтарына, босхо спортивнай таҥаһынан хааччыллыахтара, — диэн кини эттэ.

Бу сыл сэтинньи 1 күнүттэн байыаннай дьайыы кытыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ култуура тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар чэпчэтиинэн туһаныахтара. Оҕолоро оскуолаларга күнүскү өттүгэр «продленкаҕа» сылдьар буоллахтарына, төлөбүртэн босхолоноллор.

Күнүстэри-түүннэри үлэлиир уһуйааннарга оҕолоро бастакы уочарат сылдьыахтарын сөп. Ону тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро баҕардахтарына,  дьиэлэрин аттыгар баар оскуолаҕа көһөр бырааптаналлар. Эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай тэрилтэлэргэ куруһуоктарга уонна спортивнай сиэксийэлэргэ босхо сылдьаллар.

Георгий Степанов иһитиннэрбитинэн, алтынньы 30 күнүнээҕи туругунан, 52 дьиэ кэргэҥҥэ дьиэҕэ гааһы киллэриигэ көмө оҥоһуллубут. Байыаннай сулууспалаах эмтэнэ сытар сиригэр тиийэргэ дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ — 189 киһи харчынан көмөнү ылбыттар. 352 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ — 610 киһи доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр реабилитацияны ааспыттар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ — 144 киһи сонотуоруйга-куруорка эмтэммиттэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

3 часа ago