Байыаннай дьайыыга барар дьон уйулҕатын бөҕөргөтүөхтэрэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 26 күнүгэр байыаннай сулууспаҕа талан ылар кэлим кииҥҥэ быстах  байыаннай дьайыыга барар дьон уйулҕалара туруктаах буоларыгар психологическай бэлэмнээһини тэрийэргэ бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата.

«Биир ньыгыл Арассыыйа» эриэгийиэннээҕи приемнайыгар Ил Дарханы кытта көрсөн,  психиатр быраас, өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер кылаабынай бырааһын солбуйааччы Елена Мордосова байыаннай сулууспаҕа барааччыларга уйулҕаларын бөҕөргөтөр үлэни ыытарга этии киллэрдэ.

Быстах кэмҥэ байыаннай эпэрээсийэҕэ барар дьон уйулҕаларын бөҕөргөтүүгэ  психотерапевтар уонна клиническэй психологтар үлэлэһиэхтэрэ. Үлэ бу бырагыраамата  бу иннинэ байыаннай дьайыыга сылдьыбыт дьон уопуттарыгар олоҕуран оҥоһуллубут. Илиҥҥи байыаннай уокурук хантырааҕынан барар дьону кытта үлэлэһэр пуунун салайааччыта Андрей Герасименко үлэ бу көрүҥэ дьон доруобуйатын уонна олоҕун харыстыырга туһуланарын бэлиэтээтэ.

Ил  Дархан Айсен Николаев Елена Мордосова этиитин өйүүрүн биллэрэн туран,  «суолталаах боппуруос – хантарааҕынан сулууспалыан баҕалаах киһи үгүс.  Онон кинилэргэ тустаах өйөбүл оҥоһуллара наада”, — диэн бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Андрей Находкин патриотизм туһунан

Андрей Находкин, Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэми­тиэтин бэрэссэдээтэлэ. Патриотизм туһунан санаатын…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан «Буойун» кииҥҥэ тустаах соругу туруорда

Ыччаты байыаннай-спортивнай бэлэм уонна патриоттуу тыыҥҥа иитии боппуруостарын Ил Дархан Айсен Николаев  уонна "Буойун" киин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга бэлэмнэнии салҕанар

Эбийиэктэргэ баһаартан сэрэхтээх буолууну, санитарнай нуормалары тутуһууну уо.д.а. боппуруостары "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Ирина Котенконы кытта урбаан салаата сайдыытын ырытта

Ил Дархан Айсен Николаев уонна  СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Урбаан сүрүннүүр сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саҥа успуорт саалатыгар аҕыс сүүстэн тахса оҕо дьарыктанар

Дьокуускайга 20 №-дээх  оскуола саҥа модульнай успуорт саалатыгар 850-тан тахса оҕо успуордунан дьарыктанар. "Соникс" спортивнай…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Доруобуйа харыстабылын 11 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыа

2024 сылга Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын 11 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыа. Саха сиригэр федеральнай бүддьүөт…

11 часов ago