Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара үлэ булалларыгар көмө салҕанар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр аймахтарын үлэҕэ ыларга уонна идэҕэ үөрэтэргэ үлэ салҕанар.

Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыттан 74 киһи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатыгар кэлэн үлэ ыйыталаспытыттан 27-тэ үлэ булла. Ол туһунан СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччы Роза Олесова брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.

Роза Олесова: «Биһигини социальнай бииргэ үлэлэһээччилэрбитин кытары үлэлиибит. Холобур, Үөһээ Халыма улууһугар урбаанньыт М.С.Винокуров байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын оробуочайынан үлэҕэ ылла. Бүлүү улууһугар «Эльга» фабрикаҕа тиэхиньикэни хааччыйар уонна өрөмүөннүүр слесарынан, Кэбээйи улууһун Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатыгар погрузчик суоппарынан, Ленскэйдээҕи технология техникумугар оҥорон таһаарар учаастак маастарынан үлэҕэ ылылыннылар. Уус Маайа уонна Чурапчы улуустарыгар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара социальнай хантараакка регистрацияланнылар», -– диэн кэпсээтэ.

Байыаннай эпэрээссийэ 32 кыттыылааҕа Аллайыаха, Амма, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Таатта, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка идэҕэ үөрэнэн эрэр. Онтон байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 163 киһи үлэ көрдөөбүтүттэн 101 киһи үлэлэннэ.

(СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

4 часа ago