Салгыы
Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро үрдэтиллибит истипиэндьийэни ыллылар

Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро үрдэтиллибит истипиэндьийэни ыллылар

Ааптар:
24.12.2022, 09:52
Бөлөххө киир:
Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар дьон оҕолоро үрдэтиллибит истипиэндьийэни ыллылар диэн СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Михаил Присяжнай брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ 263 устудьуон 5607 солкуобай кээмэйдээх үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар. Мантан 185 устудьуон техникумнарга уонна кэллиэстэргэ, 78 устудьуон судаарыстыбаннай уонна кэммиэрчэскэй үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэр», — диэн Михаил Присяжнай эттэ.
Бу үрдэтиллибит истипиэндьийэ устудьуон үөрэҕин төһө ситиһэн иһэриттэн тутулуга суох бэриллэр. Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ таһаарбыт ыйааҕын чэрчитинэн төлөнөр.

Истипиэндьийэни ылар туһуттан МФЦ офистарыгар эбэтэр e-yakutia.ru порталга сайабылыанньа толорор наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 января
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: