Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро үрдэтиллибит истипиэндьийэни ыллылар

Share
Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар дьон оҕолоро үрдэтиллибит истипиэндьийэни ыллылар диэн СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Михаил Присяжнай брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ 263 устудьуон 5607 солкуобай кээмэйдээх үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар. Мантан 185 устудьуон техникумнарга уонна кэллиэстэргэ, 78 устудьуон судаарыстыбаннай уонна кэммиэрчэскэй үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэр», — диэн Михаил Присяжнай эттэ.
Бу үрдэтиллибит истипиэндьийэ устудьуон үөрэҕин төһө ситиһэн иһэриттэн тутулуга суох бэриллэр. Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ таһаарбыт ыйааҕын чэрчитинэн төлөнөр.

Истипиэндьийэни ылар туһуттан МФЦ офистарыгар эбэтэр e-yakutia.ru порталга сайабылыанньа толорор наада.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр тыллары сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлээһинэ икки төгүл кэриҥэ үрдээтэ

Тыллары сайыннарар Сэбиэт мунньаҕар Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна өрөспүүбүлүкэ официальнай тылларын чөл хаалларар, сайыннарар судаарыстыбаннай…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөҥҥө суол өрөмүөнэ, муоста тутуута — харах далыгар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев салайар бөлөҕө ситэриилээх былаас…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

188 киһи бырамыысыланнаска үлэ булла

2024 сылга "Олохтоох каадырдары - бырамыысыланнаска" бырагырааманан Горнай улууһун 188 олохтооҕо үлэ булла. Бу туһунан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сөрүө тоҕо аҕыйаҕый?

Сахалар атын омуктарга букатын майгыннаабат туох ураты маллардаахтарый? Үчүгэйдик толкуйдаатахха, син элбэҕи ааттыахха сөп буолуо.…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

19-с үйэ кыахтаах хотуттара

Бүгүҥҥү күҥҥэ “урбаанньыт дьахтар” диэн кими даҕаны соһуппат, дьиктиргэппэт көстүү. Оттон 19 үйэҕэ, биһиги эрэ…

2 часа ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Кыайыы Знамята — Нам улууһугар

Бүгүн, олунньу 5 күнүгэр, "Кыайыы Знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи  эстафета  Кэбээйиттэн  Нам улууһугар кэллэ. «Нам улууһуттан Аҕа…

2 часа ago