Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутан сулууспата байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэнэн хааччыйыыга уонна үөрэттэриигэ үлэлэрэ салҕанар.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспата байыастары, ону тэҥэ кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэтин салгыыр. Улахан болҕомто үлэнэн хааччыйыыга уонна үөрэттэриигэ ууруллар. Бу туһунан «СӨ нэһилиэнньэ дьаоыктаах буолуутун киинэ» ГКУ дириэктэрэ Николай Иванов иһитиннэрдэ.
«Сыл саҕаланыаҕыттан дьарыктаах буолуу сулууспатыгар 288 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ сылдьыбыттара бэлиэтэнэр. Олортон 154 киһи үлэнэн хааччыллыбыт. Оттон сайын саҕаланыаҕыттан 41 оҕо (байыастар оҕолоро) сынньалаҥнарын кэмигэр үлэнэн хааччыллыбыттар. Ону таһынан икки байыас бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр үбүнэн-харчынан өйөбүлү ылбыттар«, — диэн кэпсиир Николай Иванов. Маны таһынан, саҥа оробуочай идэни ыларга 64 киһи ыытыллыбыт.
Кини «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутурн киинин исписэлииһэ сыһыарыллан үлэлиирин, миэстэтигэр суһал сүбэни-аманы биэрэрин эттэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ. 70-80 саастарын туолбут…
Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…
Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…
Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр 1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…
Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…