Байыастар дьоннорун доруобуйаларыгар болҕомто ууруллар

Байыастар дьоннорун доруобуйаларыгар болҕомто ууруллар

Ааптар:
21.03.2024, 18:15
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ ааспыт сыл олунньутуттан байыастар дьоннорун доруобуйаларын чэбдигирдиигэ үлэ тиһиктээхтик ыытыллар.

«Ааспыт кэм устатыгар уопсайа 82 дьиэ кэргэн манна сырытта. Мантан 215 байыастар дьиэ кэргэттэриттэн, ол иһигэр 133 оҕо», — диэн этэр тэрилтэ дириэктэрэ  Зинаида Максимова. 

Кииҥҥэ оҕолорго аналлаах бырагыраамалаахтар. Оҕо сайдыытын кэлим диагностиката ыытыллар. Туруктарыттан көрөн физиотерапия, массаас, чэбдигирдэр физкултуура ыытыллар. Дефектологтар, логопедтар үлэлэһэллэр, арт-терапия, гарденотерапия бааллар.

Улахан дьоҥҥо физиотерапевтическай процедуралар, психологтар көмөлөрө оҥоһуллаллар. Психологтар дьиэ кэргэттэргэ тус бэйэлэригэр анаан эбэтэр бөлөҕүнэн дьарыктары ыыталлар.

Санатан эттэххэ, байыастар оҕолорун уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин доруобуйаларын чэбдигирдии үлэтэ  Ил Дархан сорудаҕынан доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ  ыытыллар. Манна 18-гар диэри саастаах оҕолор уонна кинилэр сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ 21 күн устатыгар сылдьаллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: