Байыастарга анаммыт хомуурунньук сүрэхтэннэ
“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар эр хоһууннарга анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэһин тэрийэн, киирбит айымньыларынан “Эргиллиҥ, кыайыы көтөллөөх” хомуурунньугу бэчээттэтэн таһаарда. Сэтинньи 25 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар хомуурунньугу сүрэхтээтилэр.
— Манна 80-тан тахса хоһоон киирэн, хомуурунньук оҥоһуллан тахсыбыта биһиги гражданскай позициябытын көрдөрөр. Биһиги дойдубутун өйүүбүт диэн өйтөн-санааттан, 20-чэ улуустан көхтөөхтүк кыттыбыттара үөрдэр. Барыта норуоттан тахсыбыт айымньылар. Миэхэ Анивера Андреевна “батсаабынан” хоһооннору ыытар этэ. Киһи кыттыгастаах курдук сананар, эһиги хоһоонноргутун ааҕан, ураты турукка киирэҕин. Бу барыта биһигини сомоҕолоһууга аҕалар дии саныыбын. Хоһооннору бэчээттээн, тарҕатан, саха дьоно сомоҕолоһорун ситиһиэххит диэн эрэнэбин. Норуоттан тахсыбыт айымньылар, норуоту сомоҕолуур, биир өйгө-санааҕа аҕалар хоһооннор өйөнүөхтээхтэр, тарҕаныахтаахтар, — диэн култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Ноев эттэ.
— Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан “Сахамедиа” бары эрэдээксийэлэрэ күүскэ ылсан үлэлии сылдьаллар, сорохтор анараа командировкаларга сылдьаллар. Социальнай ситимнэринэн араас сурахтар-садьыктар тарҕаналлар, дьон санаатын бутуйаллар, ону утары үлэлээн кэллибит. Баҕа өттүнэн барбыт дьону кытары кэпсэтиигэ кинилэр: “Биһиэхэ тыылтан өйөбүл наада, ол баар буоллаҕына, биһиги өссө күүһүрэбит, туох эрэ мөкү буоллаҕына, санаабыт түһэр. Онон өй-санаа өттүнэн эмиэ өйөбүл наада” , — диэн эппиттэрэ. “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ хоһоон күрэһин ыытабыт диэбиттэригэр өйөөбүппүт. Бастакы нэдиэлэттэн хоһоон бөҕө кэлбитэ. Бу кинигэ бүгүн номнуо Читаҕа тиийдэ. Биһиги кэрэспэдьиэммит Николай Борисов ыҥырыллыбыт уолаттары кытары көрсүһүүгэ илдьэ баран, 50 устууканы түҥэтиэҕэ, — диэн туран, “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов Уопсастыбаннай балаата бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаевка кинигэлэри туттарда.
Төрөөбүт тылларын ахтан сылдьар уолаттарбытыгар бу патриотическай тыыннаах, уу сахалыы дьүөрэлии тыллардаах хомоҕой хоһооннор санааларын көтөҕүөхтэрэ, куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтүөхтэрэ, күүстэригэр күүс эбиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Сиэптэригэр укта сылдьан ааҕалларыгар табыгастаах буоларын курдук, ытыс саҕа кээмэйдээх, харысхал ойуулаах кинигэ 500 устуука тирааһынан бэчээттэннэ.
— Мин бу кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлэн, олус үөрэн олоробун. Бу хомуурунньукка алгыс тыллара, патриотическай хоһооннор да бааллар. Саха сириттэн бүттүүнүттэн дьон кыттыбыттара билиҥҥи балаһыанньаны бары чугастык ылыммыттарын көрдөрөр. Уолаттарбыт ис туруктара чөл, санаалара бөҕөх буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэттэн көмө бара турар. Материальнай көмөнү сэргэ духуобунай өттүнэн күүс-көмө, өйөбүл эмиэ наада. Киһи бэйэтин үгэстэрин, култууратын, тылын илдьэ сылдьар, ис туруга үчүгэй буоллаҕына, тыыннаах хаалар кыаҕа үрдүүр. Онон бу кинигэ олус наадалаах, кэмигэр таҕыста дии саныыбын. Билигин сотору эмиэ барыахтаахпыт, онно «Боотур» этэрээт байыастарыгар бу кинигэни илдьэн биэриэхпит, хаалбытын Донецкайга тиэрдиэхпит.
Билигин уолаттарбыт сүрдээх ыарахан балаһыанньаҕа киирсэ сылдьаллар. Кыһыҥҥы кэм кэллэ, барыта ардах, бадараан, тымныы тыал курдары үрэр. Үс буолан муһуннулар да, снаряд, ракета кэлэн түһэр. Урукку сэриилэри кытары тэҥнэспэт сэрии буола турар. Ол эрээри биһиги уолаттарбытын үчүгэй сэрииһиттэр, ыарахан түгэҥҥэ уолуйбаттар, бойобуой постарын бырахпаттар диэн хайгыыллар. Уолаттаргытын, эр дьоҥҥутун үчүгэйдик ииппиккит диэн хамандыырдар биһиэхэ хаста да этэн тураллар, — диэн Николай Бугаев кэпсээтэ.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ күрэс кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Ол курдук, Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор Кирилл Аржаков-Кириискэ Ардьакыап “Кыайыы иһин турунуоҕуҥ!” хоһоонунан бастакы миэстэҕэ таҕыста. Кини үлэлии сылдьар буолан, кыайан кэлбэккэ, бирииһин убайа тутта.
Иккис миэстэни Дьокуускайтан Николай Иванович Пахомов ылла. Үһүс миэстэҕэ Валентина Иннокентьевна Комиссарова-Күлүмүрэ (Дьокуускай) таҕыста. Кинилэргэ олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар, тириинэн бэртээхэй оҥоһуктары оҥорор “Марал” тэрилтэ сэртипикээтин туттардылар. Маны таһынан, сорох ааптардар биһирэбил бирииһинэн бэлиэтэннилэр. Бары ааптардар субу буруолуу сылдьар хомуурунньугу, “Саха сирэ” хаһыат сибиэһэй нүөмэрин бэлэх тутан, астынан тарҕастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: