«Бакалдыны» быйыл булуҥнар тэрийдилэр

Share

Бүгүн кэрэ айылҕалаах Кэҥкэмэ үрэх биэрэгэр  “Аркит” община сиригэр-уотугар эбэҥки норуота үгэс буолбут сайыҥҥы “Бакалдын” бырааһынньыга буола турар.

Быйыл «Бакалдын» 34-с төгүлүн ыытыллар. Сыл аайы улуустарынан солбуһан ыытар буолан, сылтан сыл аайы тэрээһин киэҥ далааһыннаахтык тэриллэр. Быйыл эппиэттээх улуус – Булуҥ улууһа. Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылын чэрчитинэн ыытыллар буолан, ыал ыалынан кэлбит, оҕо уонна ыччат үгүс.

Тэрээһиҥҥэ эппиэттээх, Булуҥ улуһун землячествотын көхтөөх киһитэ Ирина Бурцева тэрээһин туһунан бу курдук кэпсээтэ:

«Бакалдыҥҥа» кэлбит ыалдьыттар түһүлгэҕэ ыраастанан, арчыланан киирдилэр.

«Бакалдыҥҥа» ыалдьыттар эбэҥки норуотун абыычайын биэс көрүҥүн билсэн ыраастаннылар, арчыланнылар. Сахалар алаадьынан уоппутун аһатар, арчылыыр буоллахпытына, эбэҥкилэр  уокка таба этин  биэрэллэр эбит.

Хас биирдии улуус бэрэстэбиитэлэ национальнай таҥаһын кэтэн, сэлэлии хааман киирэн, тэрээһини олус киэргэттэ. Быйылгы «Бакалдыны» тэрийбит булуҥнар бэрт элбэх буолан сэлэлээн хааман киирдилэр.

Саамай элбэх кыттааччылааҕынан Өлөөн улууһа чорбойдо. Бөртөлүөтүнэн сылдьар ыраах Солоҕон нэһилиэгиттэн тиийэ кэлбиттэр.

Ити курдук, «Бакалдын» бырааһынньыга самаан сайын  үтүө күнүгэр бэрт элбэх киһини түмтэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago