Мария Васильева хаартыската, ЯСИА.
Саха сиригэр бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыаллартан орто үөрэх кыһатыгар киирбит устудьуоннарга 50 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүр бэриллиэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев быһаарарынан, төлөбүр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох ааҕыллар буолуоҕа.
«Өскөтүн оҕо 23 сааһын туола илигинэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн Социальнай көмүскэл управлениетын нөҥүө сайабылыанньа биэрдэххитинэ биир кэмнээх төлөбүрү ылыаххытын сөп», – диэн Айсен Николаев быһаарда.
Саҥа өйөбүл Арассыыйааҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн оҥоһуллар.
Харчынан көмө Саха сиригэр ирдэнэр уонна кэскиллээх идэлэргэ үөрэнэ киирбит устудьуоннар үөрэх төлөбүрүн сорох чааһын төлүүллэригэр ананар. Биир кэмнээх төлөбүр устудьуоҥҥа үөрэх былаһын тухары биир эрэ төгүл бэриллэр.
Биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн Судаарыстыбаннай Кириэмил дыбарыаһыгар бастыҥ устудьуоннарга, үөрэх олимпиадаларын, айар куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр…
Сыл саамай хараҥа, тымныы бастакы ыйын туһунан Тускул үгэс быһыытынан билгэлээтэ. - 2026 сыл -…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биир киһи хаһыс да төгүлүн арыгы иһэн баран, массыынаны ыытан, сууттанна. …
Саҥа дьыл буолара үс эрэ күн хаалла. Эрдэттэн хааччымматах дьон билигин тугу бэлэхтиибит диэн толкуйга…
Бу күннэргэ Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сылын ахсын ыытыллар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ"…
Ахсынньы 28 күнүгэр «Восточнай» космодромтан «Союз-2.1б» аракыата Саха сирин бастакы «Чолбон» кыра космическай аппарааты орбитаҕа таһаарда. Бу Саха сирэ…