Нерюнгригэ атыы-эргиэн киинигэр баар банкомакка 14 тыһ.солк. умнуллубутун көрөн, дьахтар уоран ылбыт.
Бу туһунан СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Ол курдук, уорбаланааччы дьахтар банкомакка тус наадатыгар кэлэн баран, харчы бэриллиэхтээх сиригэр 14 тыһ.солк. сытарын көрөн сиэбигэр уктубут уонна ол харчыны тус наадаларыгар туттубут. Нерюнгри куоратын борокуратуурата Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 158 ыст 2 ч «в» п. «Уоруу» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибит. Дьыаланы борокуратуура суукка ыыппыт. Уорбалнааччы биэс сылга хаайыы болдьоҕор уураахтаныан сөп.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…