Бары бииргэ, сомоҕолоһон

Share

Горнай улууһугар нэһилиэк баһылыктара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсө барабыт диэн көмө харчы хомуйууга ыҥырыы таһаарбыттара.

Хаартыскаҕа М.Павлова түһэриитэ

Онон улуус дьоно бары да туруммуппут чахчы. Биһиги, Солоҕон дьоно-сэргэтэ истэн,  нэһилиэгинэн сүбэлэһэн баран, ахсынньы 3 күнүгэр улууспут киинигэр Бэрдьигэстээххэ аһымал кэнсиэри тэрийэргэ уонна сүүйүүлээх оонньуу ыытарга быһаарыммыппыт. Бу тэрээһиммит туһунан атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарбыт истээт, кыттар баҕалаахтарын биллэрбиттэрэ санаабытын бөҕөргөппүтэ, күүспүтүгэр күүс эппитэ. Оттон сүүйүүлээх оонньууга олохтоох дьоммут кэтэх хаһаайыстыбаларыттан сибиэһэй эти, үүтү, оҕуруот аһын, байанай бэлэҕиттэн, маанылаах айылҕабыт сирин аһыттан биэрэннэр, уопсайа араас ас-үөл 32 көрүҥэ баар буолбута.

Аны күүтүүлээх, долгутуулаах күммүтүгэр улууспут олохтоохторо сүүйүүлээх оонньуубут билиэтин барытын атыылаһан ылбыттара. Аахсыйабыт дьааһыгар көмө харчы укпуттара. Кэнсиэргэ биир дойдулаахтарбыт саалаҕа толору мустубуттара. Бу барыта олус долгутуулаах, ураты истиҥ буолбута. Бары түмсүүлээхпит, сомоҕолоһуулаахпыт мантан да көстөрө киһи сүргэтин улаханнык көтөҕөр. Ити курдук, уопсай түмүккэ былааннаабыт тэрээһиммит сатанан, 197500 солкуобай көмө харчы киллэрэн үөрүүбүт муҥура суох. Өйөбүл, тирэх буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн махтанабыт.

Аһымал тэрээһиммит «БАРЫ БИИРГЭ-БИИР СОМОҔО» диэн ааттааммыта сөпкө да толкуйдаммыт эбит диэн долгуйа үөрэбит.

Хаартыскаларга Мария Павлова түһэриитэ

Тэрээһин сыалын ситтэ, чахчы да аатын курдук буолла, бигэргэттэ диэн ис сүрэхпититтэн дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махтал тыллары аныыбыт. Түмсүү диэн көмүөл күүһэ буоларын көрдөрбүттэриттэн киэн туттабыт. Бары бииргэ, биир сомоҕо буолан туруорбут сыалбытын ситиһэргэ өрүү бэлэммит диэн бигэтик, эрэллээхтик этэбит.

Мария Павлова,

Солоҕон нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ,

Горнай.

Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

12 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

13 часов ago