Барыллаан куоластааһын: саҥа ааттар
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа барыллаан куоластааһына ыам ыйын 22-28 күннэригэр буолан ааста. Баартыйа барыллаан куоластааһыныгар барыта 500-н тахса хандьыдаат кытынна.
Ыам ыйын 30 күнүгэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи ситэриилээх кэмитиэтин салайааччыта Руслан Платонов барыллаан куоластааһын түмүгүн таһаарда. Руслан Платонов суруналыыстары кытары көрсүһэригэр Саха сиригэр барыллаан куоластааһыҥҥа 500-н тахса хандьыдаат уонна 90 тыһыынчаттан тахса быыбардааччы кытынна диэн иһитиннэрдэ. Быйыл барыллаан куоластааһыҥҥа кыттааччы даҕаны, быыбардааччы даҕаны улахан көхтөөҕүн көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэҕэ хас сэттис киһи куоластаан Арассыыйаҕа кытары бастакы миэстэҕэ таҕыста диэн салайааччы үөрүүтүн үллэһиннэ.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» – хандьыдааттары талыыга дьон санаатыгар олоҕурар дойдуга соҕотох баартыйа. Онон күһүҥҥү быыбарга баартыйаттан көрүллэр миэстэҕэ нэһилиэнньэ үгүс өйөбүлүн ылбыт хандьыдаат тиксиэҕэ. Хандьыдаат үчүгэйдик үлэлээбэт, дьону-сэргэни кытары көрсүбэт, биирдэ эмэ көрүнньүк гынан хамсанар буоллаҕына, оннук табыллыбат. Ханнык даҕаны эрдэтээҥҥи өҥөтө, үтүөтэ аахсыллыа суоҕа», – диэн Руслан Платонов баартыйа тутуһар бэлиитикэтин быһаарда.
Электроннай куоластааһын – дьэҥкэ
Быйыл Саха сирин салаата көрдөһөн оройуон баһылыктарыгар хандьыдааттары сүүмэрдээһиҥҥэ барыллаан куоластааһын электроннай модела аан бастакынан тарҕанна. Ол иһин быыбарга кыттааччы элбэҕин бэлиэтииллэр. Куоластааһын бары процедурата регистрациялааһынтан саҕалаан куолас ааҕыытыгар тиийэ блок-чейн технологияны туһанан электроннай формакка ыытылынна. Инньэ гынан, төһө кыалларынан, куоластааһын муҥутуур дьэҥкэ буоларын хааччыйбыттар. «Хас биирдии кыттааччы төһө куолаһы ылбытын туһунан дааннай саайтка баар, ким баҕалаах онно киирэн көрүөн сөп», – диэн Руслан Платонов иһитиннэрдэ.
Көрсүһүү түмүгэр Руслан Платонов Саха сирин олохтоохторун барыллаан куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин махтанна уонна аны күһүҥҥэ быыбарга дьон-норуот биһирэбилин, эрэлин ылбыт хандьыдааттарыгар куоластыылларыгар эрэнэрин эттэ.
Баартыйа кими өйүүрүй?
Руслан Платонов чопчулаабытынан, бу күһүн буолар араас таһымнаах быыбардарга хандьыдааттар испииһэктэрин Президиум кэллиэгийэтин мунньаҕын кэннэ оҥоруохтара. Ол курдук салайааччы этэринэн, бэйэтэ көҕүлүүр дьоҕурдаах, дьиҥнээхтии дьону кытары ыкса үлэлиир, нэһилиэнньэ кыһалҕатын быһаарсар хандьыдааты эрэ баартыйа өйүөҕэ. Быыбар иннинэ эрэ илим-салым түһэн субуотунньуктарга, атын да тэрээһиннэргэ кыттар, оттон биэс сылга ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалар хандьыдаат норуоту көмүскүүр кыаҕа суох диэн буолла. Онон баартыйа үлэлиир кыахтаах, бэйэтэ бырагыраамалаах, бырайыактаах, сокуону көҕүлүүр көхтөөх киһини өйүө.
Өскөтүн, хандьыдаат бу барыллаан куоластааһыҥҥа хотторбут буоллаҕына, баартыйа өттүттэн өйөбүлү ылбат эбит, ол гынан баран тиһэх быһаарыныыны син биир тустаах мунньах быһаарыа. Барыллаан куоластааһыҥҥа кыайбыттар былаас баартыйатын өйөбүлүнэн, көмөтүнэн туһанар кыахтаахтара этилиннэ.
Лебедев – рекордсмен
Билигин үлэлии сылдьар норуот дьокутаата, «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев барыллаан куоластааһын түмүгүнэн саамай элбэх куолаһы ылбыт хандьыдаатынан буолла. Кини Ил Түмэҥҥэ 32 №-дээх Таатта-Томпо биир мандааттаах уокурукка туруммута уонна быыбардааччыларын итэҕэллэринэн 5104 куолаһы ылла. Бу атын хандьыдааттары кытары тэҥнээтэххэ, холооно суох элбэх куолас.
«Кырдьык, барыллаан куоластааһын түмүгүнэн киниэхэ тэҥнэһэр куолаһы хомуйбут суох, онон өрөспүүбүлүкэҕэ рекордсменынан буолар. Виктор Лебедев утарылаһааччыларыттан үс тыһыынча кэриҥэ куолаһынан араастаһар», – диэн кэпсээтэ Руслан Платонов.
Лииидэрдэр
Барыллаан куоластааһыҥҥа Лебедев кэнниттэн иккис миэстэни 33 №-дээх Национальнай хотугу биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка турбут, норуот дьокутаата Елена Голомарева 3469 куолаһы хомуйан тахсыбыт. Үһүс миэстэни 35 №-дээх Арктическай биир мандааттаах уокуруктан «Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба» ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев ылла, кини 3271 куоластаах.
Оттон Дьокуускай куорат Дууматыгар саамай элбэх куолаһы ылбыт лиидэринэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ проректора Александр Ильин буолла. Кини 1730 куолаһы ылла. Иккис миэстэни – 1-кы №-дээх Пригороднай территориальнай бөлөҕүттэн билигин куорат Дууматыгар үлэлии сылдьар дьокутаат Иван Салатюк (1682 куолас) уонна үһүс миэстэҕэ – «Ситим» Хатастааҕы айар дьиэ дириэктэрин солбуйааччы Алексей Осипов (1448 куолас) ыллылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Ил Түмэҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи испииһэгэр Ил Дархан Айсен Николаев, Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов уонна Нерюнгритааҕы кииннэммит балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччыта Ольга Горюнова инники күөҥҥэ сылдьаллар.
Хотторбуттарга даҕаны күн күлүмэ көстөр
Киһи сөҕүөн иһин, билигин үлэлии сылдьар норуот дьокутааттара барыллаан куоластааһын бастыҥнарын испииһэгэр Юрий Николаев, Антонина Григорьева, Валерий Лютый, Александр Акимов, о.д.а. суохтар.
Барыллаан куоластааһыҥҥа Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов хотторуута суруналыыстары улахан толкуйга түһэрдэ. Оччотугар Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтигэр миэстэтэ суох хаалабыт дуу, атын киһинэн солбуйабыт дуу? Ону бу күннэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын сэбиэтэ быһаарыаҕа.
Дьокуускайдааҕы куорат Дууматыгар эмиэ ураты көстүү буолла. Билигин спикердии олорор Альберт Семенов хотторуу хомолтотун биллэ. Дьиҥэ, өссө быыбар буолуон иннинэ, эспиэрдэр, дьон-сэргэ спикер халбаҥ балаһыанньалааҕын эппиттэрэ.
Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, 1-кы №-дээх поликлиника кылаабынай бырааһа Алевтина Эверстова эмиэ норуот тургутугун ааспата. Баҕар, баартыйа өйөбүлэ суох быыбарга кыттыа, онуоха харгыс суох. Уопсайынан, мөлтөх соҕус даҕаны көрдөрүүлээх, хотторбут хандьыдааттарга күһүҥҥү быыбарга кыттар кыах баар, ону баартыйа Президиума быһаарыа.
Ыччат көхтөөҕүн көрдөрдө
Барыллаан куоластааһыҥҥа ыччат көхтөөҕүн көрдөрдө, барыта 140 эдэр хандьыдаат кытынна. Элбэх киһи ону сүөргүлүүр санаатын эттэ, эп-эдэр оҕолор тугу гыныахтарай, олохторун даҕаны оҥосто иликтэр, ситиһиилэрэ даҕаны суох, онтон даҕаны атын утарар санаалаахтарын социальнай ситимнэргэ биллэрдилэр. Ол туһунан суруналыыстар эмиэ ыйыттылар. Онуоха Руслан Платонов маннык хоруйдаата:
«Быйылгы барыллаан куоластааһыҥҥа аһаҕастык барда, хас биирдии киһи сааһыттан, баартыйалааҕыттан, суоҕуттан тутулуга суох бэйэтин кандидатуратын туруорунуон сөп. Ол курдук ыччаттарбыт бэйэлэрин көрдөрдүлэр. Итини мин быйылгыттан үлэлээбит «Политстарт» биһиги баартыйабыт ыччатын бырайыага көхтөөх элбэх эдэр дьону түмпүтүн кытары сибээстиибин. Түмүгэр, көрөргүт курдук, 147 ыччат барыллаан куоластааһыҥҥа кытынна. Кинилэр үгүстэрэ «Эдэр гвардия» чилиэннэрэ, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кыттыылаахтара», – диэн быһаарда Руслан Платонов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: