Бу күннэргэ Сунтаарга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан-2024» күрэх улуустааҕы түһүмэҕэ тэрилиннэ.
Дьылабыай оонньууга 22 обургу саастаах уолаттар кыттыыны ылан удьуордарын утумун кэпсээтилэр, араас эйгэни хабар ыйытыктарга хоруйдаатылар, дебаттаан мөккүһэн да ыллылар, түмүккэ хоһоону айан ситэрдилэр.
Ону кытта дойду, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах басханнары төһө билэллэрин тургуттулар.
Басхан диэн суолтата «бас — хаан», о.э. салайар, бас-көс хаан диэн өйдөнөр, нууччалыы — «лидер».
Үөрүүлээх түһүлгэ БАСХАНЫН КЫЛААНЫН аатын Сунтаар лиссиэйин 9 «б» кылаас үөрэнээччитэ Айаан Горохов сүктэ. Айаан аны өрөспүүбүлүкэҕэ улуус чиэһин муус устар ыйга көмүскүөҕэ.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…