Бассейнҥа 25%-наах чэпчэтиинэн туһан
«Саха сирин олохтооҕо» каарталаах дьон поликлиникаҕа диспансеризацияны, эбэтэр, үлэҕэ киирэргэ мэдиссиинэ бэрэбиэркэтин (профосмотр) ааспыт буоллаҕына, бассейнҥа уонна катокка сылдьарыгар 25%-наах чэпчэтиинэн туһанар кыахтанар диэн «Алмаасэргиэнбаан» иһитиннэрэр.
Бу каарта элбэх чэпчэтиилээх. Холобур, атыыласпыккыттан 1%, сорох маҕаһыыннартан өссө элбэх бырыһыан уу харчынан төннөр (кэшбэк уонна «Свои» бырагыраама). Оттон бу 25%-наах чэпчэтиини «Чолбон», «Самородок» бассейннар уонна Мархатааҕы спортивнай-чэбдигирдэр комплекс оҥороллор. Өссө салгыы манна кыттыһар спортивнай эбийиэк ахсаана эбиллэн иһиэ диэн эрэннэрэллэр.
Бу бырайыакка «Алмаасэргиэнбааны» сэргэ доруобуйа харыстабылын уонна спорт министиэристибэлэрэ, булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын пуондата кыттыспыттар. Дьон доруобуйатын көрүнэригэр, чэбдигирдэригэр туһуламмыт, уопсайынан, туһалаах бырагыраама буолар.
Диспансеризацияны ааспыт кэннэ, онтон кэлэр ый 20-с чыыһылатыттан саҕалаан, чэпчэтии оҥоһуллан барар. Диспансеризацияҕа 122 нүөмэрдээх контакт-кииҥҥэ эрийэн, суруйтарыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: