Бастакы Бэрэсидьиэммит аатын үйэтитэр мунньах сылын аайы төрөөбүт дойдутугар ыытыллыа
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин аныгы тутулун уонна судаарыстыбаннаһын төрүттээбит саха норуотун чулуу уолун, Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аатын үйэтитэр сыаллаах уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа төрөөбүт дойдутугар Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр ыытылынна.
Мунньахха өрөспүүбүлүкэ, Ил Түмэн салалтата, М.Е. Николаев бииргэ үлэлээбит дьоно, Хаҥалас улууһун олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев 90-с курдук уустук сылларга оччотооҕу салалта хайдах курдук өрөспүүбүлүкэ кэскилин туруулаһан киирсибитин, хайа да кэмҥэ тулхадыйбат сайдыы фундаменын уурбуттарын сиһилии кэпсээтэ:
“Элбэх киһи федеративнай дуогабарга илии баттаһыы буолуоҕун саарбахтыыра, элбэх эрэгийиэн кэтэмэҕэйдиирэ. Маннык түгэҥҥэ чуо биһиги бэрэсидьиэммит Михаил Николаев бары национальнай өрөспүүбүлүкэлэри көҕүлээн, федеративнай илии баттааһын буоларын ситиспитэ. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар баар бары тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирбиттэрэ. “Якутзолото”, “Якутуголь”, “Сахателеком”, о.д.а. биһиэхэ бэриллибиттэрэ. “Алроса” АК тэриллибитэ, М.Е. Николаев быһаччы туруорсуутунан, өрөспүүбүлүкэ уонна алмаастаах провинция улуустара бөдөҥ акционердарынан буолбуттара. Ювелирнай алмаас 20 бырыһыанын, аффилированнай кыһыл көмүс 10 бырыһыанын өрөспүүбүлүкэ бэйэтигэр хаалларар бырааптаммыта. Экономикатын бэйэтин бэйэтэ дьаһанарын ситиспитэ. Бу түмүгэр аһара уустук 90-с сыллары өрөспүүбүлүкэ атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо этэҥҥэ ааспыта”.
Климент Иванов, М.Е. Николаев бииргэ үлэлээбит киһитэ, СӨ Бочуоттаах олохтооҕо: “Былырыын кинини тиһэх суолугар атаарар күммүтүгэр Саха сирин дьоно-сэргэтэ бары Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сыаналаммат кылааты киллэрбитин, аныгы өрөспүүбүлүкэни олохтообут киһинэн буоларын эппиттэрэ. Саха сирин дьонун дьолугар историческай уларыйыылар кэмнэригэр биһиэхэ маннык лиидэр баар буолбута. Биһиги, 90-с сылларга үлэлээбит судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээннэрэ, дьылҕабытыгар махтанабыт, бу күүрээннээх сылларга кини хамаандатыгар үлэлээбиппитинэн”.
Климент Егорович икки сыыппараны аҕалла, өскөтө 1989 с. ис бородууксуйаны оҥорууга уонна нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутугар Арассыыйаҕа эрэгийиэннэригэр 79-с миэстэҕэ баар эбит буоллахпытына, 2001 сыллаахха 15 бастыҥ сайдыылаах эрэгийиэннэр истэригэр киирбиппит.
Игорь Юргин, Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир э.т.: “Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аата үйэлэргэ биһиги өйбүтүгэр, махталлаах норуотун сүрэҕэр хаалыаҕа. Кини кэс тыллара биһиги судаарыстыбаннай бэлиитикэбит сүнньэ буолан, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга үлэлииллэр. Билиҥҥи Саха сирэ тэтимнээхтик сайдыытынан, экэниэмикэҕэ үрдүк көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ төһүү күүһүнэн, Арассыыйаҕа бигэ тирэҕинэн буолар. Билигин өрөспүүбүлүкэбит киэҥ иэнигэр 100-тэн тахса араас омук дойдубут сайдарын туһугар үлэлиибит-хамсыыбыт, Судаарыстыбаннас күнэ барыбытын сомоҕолуур”.
Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аатын үйэтитэр мунньах үгэскэ кубулуйан, сылын аайы төрөөбүт дойдутугар дьону-сэргэни ыҥыра, бэйэтин тула түмэ туруо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: