Бастакы саха Эверест чыпчаалыгар ытынна (ВИДЕО)

Бастакы саха Эверест чыпчаалыгар ытынна (ВИДЕО)

17.05.2023, 12:46
Хаартыска: Е.Кривошапкин.
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн уонна сахалартан бастакы киһи Сир муҥутуур үрдүк чыпчаалыгар таҕыста. Ыам ыйын 15 күнүгэр Өймөкөөнтөн сылдьар, кадастровай инженер идэлээх Евгений Кривошапкин 8848 үрдүктээх Эверест хайатын дабайан, уһук чыпчаалыгар ытынна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтө!

Хаартыска: Е.Кривошапкин.

Эверест – бу саамай үрдүк чыпчаал эрэ буолбакка, ыттарга олус уустук хайа. Ол да иһин аан дойду альпинистара үйэлэрин тухары ыра санаа оҥостоллор. Бэлэмэ суох киһи кыайан тахсыбат. Үгүстэр онно үйэ-саас тухары хаалаллар, хайа үрдүгэр кыайан хомуллубатах тоҥ өлүктэр сыталлар дииллэр. Ол да үрдүнэн Эвересткэ ыттыан баҕалаах элбэх эрээри, дабайбыт киһи аҕыйах. Холобур,  «Эверест» диэн киинэҕэ альпинистар туох уустуктары көрсөлөрө көстөр.
Евгений 5300 миэтэрэ үрдүктээх лааҕырга саҥардыы түһэн, сибээстээх сиргэ кэлбитин кэннэ, кэпсэттибит. Кини сүрдээх сэмэй киһи, «дьиҥэ, бэйэбэр диэн сыал туруоруннаҕым дии» диир. Дьиҥнээх саха эр киһитэ элбэх саҥата-иҥэтэ суох, дьыалатын оҥорор, туруоруммут сыалын ситиһэр.

Хаартыска: Е.Кривошапкин

— Лааҕырга кэлбиппит чаас аҥаара эрэ буолла, үчүгэйдик өйбүн-төйбүн була да иликпин. Туругум үчүгэй. Карелияттан сылдьар альпинист, мин уонна гидтэр буолан тахса сырыттыбыт. Мин гидим — Непал уопуттаах  альпиниһа Пасанг Лама Шепра. Бу сайыҥҥы сезоҥҥа бастакынан таҕыстыбыт диэххэ сөп. Бу лааҕырга аан дойду бары муннуктарыттан 500-чэкэ альпинист тахсаары кэтэһэн сыталлар. Бу дьонтон, арааһа, аҥаардара тахсара буолуо. Кинилэр тахсалларын 2 тыһыынча кэриҥэ киһи хааччыйар. Балаакканы, кислороду, таһаҕаһы таһааран, быаны тардан, усулуобуйа оҥорон биэрэллэр. Кыра тэрилтэлэр таһаараллар. Биһиги кэннибититтэн олус элбэх альпинист үөһэ дьулуспута.
Мин “Макалу-Экстрим” диэн рекордсмен-альпинист Оксана Морнева хамаандатын кытта муус устар 8 күнүгэр кэлбитим. Биэс киһибит 6,1 килэмиэтир үрдүктээх Лобуче хайатыгар тахсан баран, дойдуларыгар төннөргө күһэллибиттэрэ. Оттон бу аргыһым атын хампаанньа киһитэ.
Чыпчаалга тахсыы күн-дьыл туругуттан олус тутулуктаах. Бу иннинэ халыҥ хаар бөҕө түһэн үллүктээбитэ. Хайа салгынынан тыынарга, этиҥ-сииниҥ үөрэнэригэр хас да күн лааҕырга сытан, эрчиллэҕин, ол курдук үөһээҥҥи лааҕырдарга тахсан иһэҕин. Манна тумуу да үтүөрэн быстыбат, кыра да баас оһон биэрбэт. Киһи этэ-сиинэ муҥутуур кыаҕын туһанар. “Хайа ыарыыта” үөскээбэтэҕинэ, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, бу 5300 миэтэрэлээх лааҕыртан, дьэ, үөһэ дабайаргар 5 күн бэриллэр. Төрдүс-бэһис күҥҥэр буурҕа түстэҕинэ, чыпчаалгын субу көрөн туран, төннөргөр күһэллэҕин, хас да ыйдаах үлэҥ, эрэйиҥ таах хаалар. Оттон хайдах күн туран биэриэ биллибэт, күн аайы да буурҕа ытыйар буолуон сөп.
Балааккаларга хоно-хоно, дьэ, тохтообокко үөһэ ыттан иһэҕин. 7900 миэтэрэ үрдүккэ төрдүс лааҕыр баар. Бу маныаха диэри миэхэ үчүгэй этэ. Онтон саамай ыарахана саҕаланар. Курдары үрэр тыал-куус бөҕө, түҥнэри биэриэх үлүгэрэ. Тибии сирэйгэр тибэ турар, тугу да көрдөрбөт. 40 кыраадыс тымныыга сытыы  тыал курдары үрэрэ сүрдээх, биир гидпит илиитин үлүппүт этэ. Бүтэһик килэмиэтири быанан тардыһан, хатаастан тахсаҕын.

-Дьэ, баҕалаах чыпчаалгар тахсан баран, туох санаа эйигин кууста?
— Онно тугу да толкуйдаабат буолуоххар диэри үлтү сылайаҕын, араас санаа, иэйии да киирбэт курдук. Аны ыттыбытыҥ диэн, түһэриҥ өссө ордук кутталлаах. Биирдэ сыыһа тутуннуҥ да, онно үйэ-саас тухары хаалаҕын. Онон бэйэ бодотун ыһыктыбакка, сэрэҕи сүтэрбэккэ, түһүөхтээххин. Бу билигин да соччо өйбүн-төйбүн була иликпин…

— Евгений, ол тахсан иһэн, өлүктэри көрбүккүт дуо?
— Түүн таҕыстахпыт дии, хараҥа этэ уонна бу иннинэ хаар түһэн үллүктээбитэ. Онон мин, хата, көрбөтөҕүм. Бааллар дииллэр. 7900 миэтэрэ кэнниттэн “зона смерти” диэн кэлэр, киһи этэ-сиинэ өр тулуйбат, бэл, бу сиргэ өлүктэри кыайан харайбаттар. Биир хаамыыны оҥороору, 15 тыыныыны оҥоруохха наада. Хас биирдии хаамыыҥ, тыыныыҥ суоттанар, тоҕо диэтэр, сүгэн иһэр кислороднай баллоҥҥуттан тутулуктаах. Кыратык да тардыллан хааллаххына, бүтэҕин. Онон чыпчаалга 20-чэ мүнүүтэ эрэ буолаҕын. Мин барыта 4,5 баллону бүтэрбитим. Хайа үрдүгэр тахсыбыппытыгар, күн саҥа чэмэлийэ тахсан, хаардаах очуостары сырдаппыта кэрэ көстүү этэ…

Хаартыска: Е.Кривошапкин.

«Айыыларым көмөлөстүлэр»

— Саха киһитин сиэринэн, сири-уоту аһата сырыттаҕыҥ дии…
— Оннук. Манна алаадьы суох, онон лэппиэскэнэн, бурдук аһынан аһата, көрдөһө сылдьабын. Айыыларым көмөлөстүлэр дии саныыбын. Бу кыһын бэлэмнэнэрбэр, дойдубар Өймөкөөҥҥө 55 кыраадыс тымныыга Индигир өрүскэ сөтүөлээбитим. Эт-сиин хатарылларыгар ол көмөлөстө дии санаатым. Ону тэҥэ, Уус Ньараҕа тымныы кэмҥэ кыралаан сүүрэр этим.
Томторго Эбэ Хайата диэн ытык сир баар. Кэлээри сылдьан, онно тахсан, сирбин-уоппун, айыыларбын аһаппытым. Онно суордар бааллара, кинилэр эмиэ кэлэн аһаабыттара. Дьиктитэ диэн, Эверест лааҕырыгар суордар эмиэ бааллар эбит, кэлэн аһыыллар. Кинилэр нөҥүө Айыыларым көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар курдуктар. Хайаҕа сылдьарга табыллыы, айылҕаны кытта биир ситимҥэ буолуу ирдэнэр. Ону тутуспакка, дьон эчэйиитэ элбэх.

Хаартыска: Е.Кривошапкин.

— Оттон эйиэхэ бу Эверескэ тахсыахха диэн санаа хаһан киирбитэй?
— Дойдубар иллэҥ кэммэр гид быһыытынан Афродита хайатыгар дьону таһаарар этим. Онтон Саха сирин саамай үрдүк хайаларыгар – Победа (2500 м), Муус Хайа (2969 м) чыпчаалларыгар тахсыбытым. Ол кэнниттэн 2018 сыллаахха Арассыыйа үрдүк чыпчаалын – Эльбруһу (5642 м) дабайбытым.
Биирдэ орто уолбар хаартыскалары көрдөрө олорон, “Эвересткэ тахсыахха сөп ээ” диэбитим. “Тоҥон өлөөрү дуо?” – диэбитэ, итэҕэйбэтэҕэ. “Үчүгэйдик бэлэмнэннэххэ, тахсыахха сөп ээ. Мин эмиэ тахсыаҕым!” – диэбитим. Ол тылбын толордум.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: