“Бастыҥ учууталларга бириэмийэ-2023” куонкурус кыайыылаахтарын ааттара билиннэ

Share

Быйыл Арасссыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан бириэмийэни көрүүгэ эрэгийиэннэргэ кубуота ахсаанын эбии, куонкурус уратытынан буолар. Дойду үрдүнэн 1250 педагогка бириэмийэ көрүллүөҕэ, Саха сиригэр – 12 бастыҥ учууталга. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.

Муниципальнай түһүмэххэ барыта 103 учуутал кыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэтээҕи эспиэртэр хамыыһыйалара куонкуруска киирбит барыта 58 докумуону көрбүт.

Бу күннэргэ РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ педагогическай үлэҕэ ситиһиилэрин иһин  бириэмийэни ылааччылар испииһэктэрин ыыппыт, Саха сириттэн 12 учуутал бастыҥынан ааттаммыт.

2023 сылга педагогическай үлэҕэ ситиһиилэрин иһин бастыҥ учууталларга туттарыллар куонкурус кыайыылаахтара

  1. Алексеева Туйаара Александровна, Сунтаар улууһун Сунтаардааҕы политиэхэньиичэскэй лиссиэй-интэринээт нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  2. Пинигина-Сосина Равелла Иннокентьевна, Таатта улууһун А.И. Софронов аатынан Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын биологияҕа учуутала;
  3. Шестакова Надежда Еремевна, Дьокуускай куораттааҕы 7-с нүөмэрдээх оскуола нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  4. Уйгурова Раиса Иннокентьевна, Өлүөхүмэ улууһун А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин, СӨ норуоттарын култууратын уонна аан дойду уус-уран култууратын учуутала;
  5. Криволапова Дарья Ивановна, Мииринэй оройуонун Л.А Попугаева аатынан 19-с нүөмэрдээх оскуолатын физикаҕа учуутала;
  6. Кушнир Марианна Товиевна, С.С. Каримова аатынан Нерюнгри 1-кы нүөмэрдээх гимназиятын географияҕа учуутала;
  7. Комарова Екатерина Петровна, Бүлүү улууһун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала;
  8. Жиркова Туйаара Николаевна, Дьокуускай куорат лиссиэйин химияҕа учуутала;
  9. Слепцова Лена Петровна, Чурапчы улууһун С.А. Новгородов аатынан Чурапчы оскуолатын алын кылааһын учуутала;
  10. Шредер Инесса Владимировна, Е.А. Варшавскай аатынан Нерюнгри куорат 24-с нүөмэрдээх информационнай-технологическай лиссиэйин математикаҕа учуутала;
  11. Колесова Ульяна Николаевна, Горнай улууһун Афанасий Осипов аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Бэрдьигэстээх оскуолатын алын кылааһын учуутала;
  12. Семенова Оксана Николаевна, Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.

Сиһилии манна ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Иһитиннэрии түмүгүнэн бэрэбиэркэ ыытылынна

Дьокуускай к. борокуратуурата исписэлиистэри илдьэ " SD. Новости Якутии" телеграм-ханаал иһитиннэриитинэн бэрэбиэркэ оҥордо. Иһитиннэриигэ куорат…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

2 часа ago