Бүгүҥҥү брифиҥҥэ 122 “итии линия” салайааччыта Мария Винокурова үгүс байыананй сулууспалаахтар билигин уоппускаҕа кэлэллэринэн, авиабилиэти атыылаһыы боппуруоһа сытыытык турарын бэлиэтээтэ.
“Биһиги линиябыт нөҥүө эбэтэр Саха сирин Биир кэлим сүрүннүүр киинин (ЕКЦ) суһал нүөмэрдэринэн уоппускаҕа кэлэр эбэтэр төннөр байыаннай сулуспалаахха авиабилиэти уурдадар туһунан ыйытык хааллараргытыгар сүбэлиибит. Салалта уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыгын, Саха сирин тырааныспарка министиэристибэтин, “Якутия”, “Полярные авиалинии”, “АЛРОСА” эрэгийэннээҕи авиахампаанньалар көҕүлээһиннэринэн, бу боппуруостары суһаллык быһаарар кыалынна”, — диэтэ Мария Винокурова.
Кини этэринэн, Саха сиринээҕи сөмөлүөтүнэн тиэйээччилэр авиабилиэттэрин сыаналарынааҕар атын хампаанньалар сыаналара уратылаһар. “Маршруккут, көтөр күҥҥүт уонна ханнык докумуонунан билиэт атыылаһаргыт туһунан иһитиннэриини булгуччу этиэхтээххит. Ону тэҥэ уурдарбыт билиэккитин эппит кэмҥитигэр диэри ылыахтааххыт, ылбатаххытына бронь уһуллар уонна билиэккит “көҥүл атыыга” тахсар”, — диэтэ салайааччы.
Байыаннай дьайыы (СВО) боппуруостарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “итии линияҕа” 122 нүөмэргэ эрийэн баран, эбии 3 кунуопканы (хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириигэ), 4 кунуопканы (СВО боппуруоһунан) уонна 5 (дойдуларыттан барбыт дьоҥҥо көмө (беженец) туһунан иһитиннэрии) баттыыгыт. Атын эрэгийиэннэртэн Саха сирин олохтоохторо маннык нүөмэринэн эрийиэхтэрин сөп : 8(4112) 510-122. Сулууспа суукканы эргиччи үлэлиир.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…