Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, киэһээ 18:31 чааска Жатай полициятыгар эр киһи сүппүтүн, сибээскэ тахсыбатын туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, 1997 сыллаах төрүөх Дьокуускай куорат олохтооҕо Жатай таһыттан Өлүөнэ өрүскэ 18 чааска оҥочонон айаннаан баран, сибээскэ тахсыбатах. Полицияҕа кинини кытары бу иннинэ бииргэ балыктыы сылдьыбыт киһитэ эрийэн биллэрбит. Кинилэр үс буолан балыктыы сырыттахтарына биир балыксыт кэлэн билсибит. Итиэннэ бары арыгы испиттэр. Салгыы биир табаарыстара саҥа билсибит киһилэрин кытта атын сиргэ балыктыы оҥочонон барсыбыт уонна сибээскэ тахсыбатах.
Киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии киирээтин кытта, СӨ Быыһыыр сулууспатын икки быыһааччыта балыксыттары геолокациянан көрдөөбүттэр. Нөҥүө күнүгэр, сарсыарда 07:38 чааска сүппүт дьону Тулагы уонна Сыырдаах кытылыттан булбуттар. Балыксыттар доруобуйалар этэҥҥэ диэн Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…