Бөх тоҕор дьааһык: үтүө холобур

Share

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр «Чэбдик» түөлбэ актыыба хас биирдии ыалтан, бөһүөлэк тас көстүүтүн тупсарар сыалтан, бары биир кэлим бөх тоҕор дьааһыгы оҥороллорун тэрийдэ.  

Бэрдьигэстээх «дизайн-кодугар» сөп түбэһэр дьааһыктары бэйэтэ мастарыскыайдаах олохтоох уус  Анатолий Оленовка сакаастаабыттар. Бөх тоҕор дьааһык 130 см уһуннаах, 80 см кэтиттээх, 100 см үрдүктээх, бөҕө, тупсаҕай көстүүлээх дьааһык сыаната — 3000 солк.

«Бу манна майгыннатан, сорох ыал бэйэтэ бөх тоҕор дьааһык оҥостубут. Онон нэһилиэк биллэ тупса түспүт. Буочукалар иҥнэһэн туралларынааҕар, маннык хаппахтаах дьааһык тас көстүүнү ордук тупсарар уонна саамай сүрүнэ — бөх ыһыллыбат. Түөлбэнэн маннык дьаһаныы үтүө холобур буолар«, — диэн Бэрдьигэстээх дьаһалтатын телеграм-ханаала иһитиннэрэр.

Бу холобуру өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэктэрэ да холобурга ылан, олоххо киллэрэллэрэ буоллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Ил Түмэҥҥэ оҕо туризмын туһунан кэпсэттилэр

Ил Түмэҥҥэ “Оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын бөҕөргөтүү аныгы туруга уонна сайдыыта” диэн ааттаах “төгүрүк остуол”…

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Доруобуйа туругун быһаарар үлэ тупсарыллар

Байыаннай сулууспаҕа талыы кэлим киинигэр хантарааҕынан сулууспалыы барыан баҕалаах дьон доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээһин үлэтэ тупсарыллар.…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Көмүөл Нам улууһугар чугаһаата

Өлүөнэ өрүскэ муус Кангаласс бөһүөлэгин аттынан хамсаата уонна Нам улууһун сиригэр-уотугар чугаһаан эрэр диэн Гражданскай…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Зырянка бөһүөлэгиттэн дьону көһөрүөхтэрэ

Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн, вице-премьер Дмитрий Садовников Халыма өрүскэ уу таһыма үрдээн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Дойду үрдүнэн маннык бэлиэ баара-суоҕа 400 эрэ баара»

Волгоград анныгар Саха сириттэн буойун уҥуоҕун уонна сэдэх түөскэ кэтиллэр бэлиэни буллулар. Волгоградскай уобалас Городищенскай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрөспүүбүлүкэҕэ Боломуочунайдар бырааптара кэҥиэҕэ

Бу күннэргэ Ил Түмэн көрүүтүгэр киирбит сокуон барылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай буруйу оҥоруу туһунан Кодексатыгар…

1 час ago