Салгыы
Бэнсиин сыаната үрдүө дуо?

Бэнсиин сыаната үрдүө дуо?

07.10.2023, 09:30
ХААРТЫСКА «САХАТРАНСНЕФТЕГАЗ» СААЙТЫТТАН ЫЛЫЛЫННА.
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин от ыйын 31 күнүгэр РФ Нолуогун кодексыгар уларытыылары киллэрии туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онно 2023 сыл балаҕан ыйыттан 2026 с. бүтүөр диэри ньиэп хампаанньаларыгар уматык сыаната халбаҥнааһынын чэпчэтэр (демпферин) төлөбүрүн икки төгүл сарбыйарга уонна 2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн бэнсиин уонна диизэл уматыгар акциһы үрдэтэргэ ыйыллыбыта. Санатар буоллахха, ньиэп хампаанньалара РФ бүддьүөтүттэн от ыйыгар 110,4 млрд солк. үбү уматык демпферигэр ылбыттара.

Сокуон икки өрүтэ

Биллэн турар, бу бүддьүөт ороскуотун кыччаппыта эрээри, ньиэп хампаанньаларын ис ырыынакка уматыгы атыылыылларын кэриҥин эмиэ сарбыйарга, барыс­таахтык таска эргинэргэ күһэйбитэ. Ол түмүгэр, балаҕан ыйыгар бииржаҕа бэнсиини кууһунан атыылааһын сыаната 15%, дизель уматык 30% үрдээбитэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, Арассыыйа үгүс эрэгийиэнин сапыраапкаларыгар сыана көттө диэн эспиэрдэр быһаарллар. Уматыкка сыана биллэрдик үрдээһинэ, чуолаан, ханнык даҕаны ньиэп хампаанньаларыгар киирсибэт, тутулуга суох сапыраапкаларга бэлиэ­тэннэ. Оттон биир кэлим тиһиккэ киирэр хампаанньалар сыаналара кыратык үрдээтэ.

Ол иһин быйыл күһүн, балаҕаны ыйын 21 күнүгэр, РФ Бырабыыталыстыбата Арассыыйаттан тас дойдуга таһаарар уматыгы хааччахтыыр туһунан уурааҕы ылынна. Докумуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, массыына бэнсиинин уонна дизель уматыгы тас дойдуга таһаарыыны быстах кэмҥэ хааччахтыыр дьаһаллар таҕыс­тылар. Маннык быһаарыныы ис ырыынакка оттук сыаната туруктаах буоларын хааччы­йыаҕа диэн ылылынна.

Хааччахтааһын миэрэлэрэ бииржаҕа кууһунан уматыгы атыылааһын сыанатын эмискэ түһэрдэ. Ол түмүгэр, эрдэ тута үрдэппит АЗС сапыраапкаларыгар сыана эмиэ кыччаата, ол эрээри аны ВИНК ситимигэр   баар хампаанньалар сыаналарын уларыппатылар.

Путин суһал дьаһала

Онон балаҕан ыйын бүтүүтэ Кириэмилгэ Бэрэсидьиэн Бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньахтыырыгар сүрүн боппуруоһунан уматык сыанатын бэрээдэктээһини туруорда. Онно дойду оттугун ырыынагар тиһиктээх улахан уларыйыылар киириэхтэрэ, суһал дьаһаллар ылыллыахтара диэн эттилэр. Ол курдук чугас­тааҕы кэмҥэ уматык демпферин сыанатын чопчулуохтара, уматыгы таска таһаарыыны хааччахтыахтара, «перекупщиктар» уматыгы таска таһаа­ралларын бо­­буохтара, АЗС сапыраапкаларыгар биирдиилээн атыылааһыны хонтуруол­луохтара.

Бу күннэргэ РФ вице-премьерэ Александр Новак ньиэп хампаанньаларын салайааччыларын кытары көрсөн АЗС-га уматык сыанатын аччатыыга, ону тэҥэ тырааныспар ороскуотун учуоттаан сыананы намтатарга суһал дьаһаллары ыларга сорудахтаата. Онон, манан көрдөххө, сыана биллэрдик түһүөн сөп курдук. Ол эрээри, эспиэрдэр этэллэринэн, 2023 с. саҥатынааҕы сыана курдук син биир буолбат, ВИНК ситимин хампаанньалара муҥутаан 1-2 солк. түһэриэхтэрэ.

Саха сиригэр хайдаҕый?

Оттон Саха сиригэр ааспыт нэдиэлэттэн сорох хампаанньалар сапыраапкаларыгар сыана үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Быйыл от ыйын ортото Дьокуускай куоракка уматык сыаната биллэрдик үрдээн нэһилиэнньэ айманан ылбыта. Онно «Сибойл» хам­паанньа АИ 92 бэнсиинин лиитирэтин 59 солк., АИ 95–62,20 солк., дизель уматыгын  75,50 солк. үрдэппитэ. Оттон «Саханефтегазсбыт» хампаанньа АИ 92 бэнсиинин лиитирэтэ 57 солк., АИ 95–57,80 солк., дизель уматыга 77,20 солк., «Туймаада-ньиэп» хампаанньа сапыраапкаларыгар бэнсиин 5 солкуобайынан үрдээбитэ.

Оттон бу сырыыга «Саханефтегазсбыт» хампаанньа АИ-92 – 60,5 солк., АИ-95 – 62,5 солк., дизель уматыга – 77,2 солк. буолбут. «Сибойл» уонна «Туймаада-ньиэп» хампаанньалар уматыктарын сыаната оннунан хаалбыт. Манна бэлиэтээн эттэххэ, бу хампаанньалар улуустааҕы АЗС-н сапыраапкаларын уматыктарын сыаналара тус-туспа буолар.

Холобур, «Сибойл» хам­паанньа уматыгын саамай чэпчэки сыанаҕа Бүлүү улууһуттан булуохха сөп.

«Сибойл» хампаанньа Бүлүү бөлөх улуустарыгар баар АЗС-н ыстаарсай маастара Алексей Махаров маннык кэп­сиир: «Бүлүү бөлөх улуустарыгар биһиги биэс сапыраапка­лаахпыт. Кырдьык, Бүлүү куоракка баар сапыраапкабытыгар бэнсиин сыаната АИ-92 – 59, АИ-95 – 60 солк, диизэл уматык – 66,50 солк., онон Саха сирин үрдүнэн саамай чэпчэки диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, биһиги улууспутугар бу сапыраапка быйыл саҥа аһыллыбыта, онон дьону тардар сыал­лаах маннык хардыы оҥоһулунна. Гааһынан сапыраапка эмиэ чэпчэки – 22 солк. Итинник сыананы төһөҕө диэри тутарбытын билбэтим».

Уматык сыанатын ырыынак быһаарар

Уматыкка сыана үрдээтэҕин аайы дьон-сэргэ айманан сыананы тоҕо бэрээдэктээбэттэрий диэччилэр. Оттон СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ РФ Бырабыыталыстыбатын 07.03.1995 с. 239 №-дээх уурааҕар олоҕуран, уматыгы атыылыырга сыананы судаарыстыба өттүттэн толору бэрээдэктиир кыаллыбатын этэр. Онно ырыынак сокуонун мэхэньиисимэ туорайдаһар. Биллэрин курдук, ньиэ­би оҥорон таһаарар хампаанньалар уматыктарын бииржаҕа атыылыыллар. Ол кэннэ тырааныспарынан, тимир суолунан тиэйии-таһыы, сапыраапкаҕа диэри тириэрдии, о.д.а. орос­куота ааҕыллар диэн кэмитиэт быһаарар. Ол курдук дойду субъектарын ситэриилээх былаастарын уорганнара тириэрдиллибит тиһэх сыанаҕа эбиини эрэ бэрээдэктиир бырааптаахтар эбит. СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ бэриллибит быраабынан, нефтебазаны көрүүгэ-харайыыга уонна ньиэп бородууктатын сыанатыгар эбиини бэрээдэктиэктэрин сөп.

Оттон өрөспүүбүлүкэ киин уонна соҕуруу оройуоннарыгар уматык сыанатын бэрээдэктиир кыахтара суох, тоҕо диэтэххэ, хас даҕаны араас хампаанньа уматыгы атыылыыр сиригэр, күрэстэһии баар буолан, ырыынак сокуона быһаарар. Оттон тустаах кэмитиэт быйыл сайыҥҥы сыана үрдээһинин бииржаҕа сыана көтүүтүн кытары сибээстээх диир. Ол курдук ааспыт сыллааҕы кытары тэҥнээтэххэ, бэнсиин бииржатааҕы сыаната 70% үрдээн, историческай кирбиигэ тиийбит. СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ быйыл күһүн уматыкка сыана үрдээһинин итини кытары сибээстээх диэн быһаараллар.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: