Бэрдьигэстээх түөлбэлэрэ Саҥа дьыл тыынын аҕаллылар

Share

Сыл аайы Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин алта түөлбэтин олохтоохторо Саҥа дьылы көрсө киэргэтиилэрэ үгэскэ кубулуйда.  

Бу туһунан Роман Дмитриев бу курдук сырдатта:

— Ол курдук, «Үрдэл», «Эйэ», «Эбэ», «Киин», «Чэбдик» уонна «Сардаҥа» түөлбэлэр олохтоохторо бэйэлэрин искибиэрдэрин, былаһааккаларын харыйанан, араас оҥоһуктарынан, уотунан-күөһүнэн симээтилэр. Нэһилиэк дьаһалтатыттан анал дьүүллүүр хамыыһыйа, түөлбэлэр киэргэниилэрин миэстэтигэр кэрийэн көрдө, сыана быста, ол түмүгүн сотору биллэриэҕэ. Сыл устата ыытыллар түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэскэ Саҥа дьыллааҕы киэргэтиини көрүү эмиэ киирэр буолан, олохтоохтор түөлбэлэрин киин сирин  симээһиҥҥэ олус кыһанан ылсаллар.

Бу курдук түөлбэлэр  көхтөөх дьоно Горнай улууһун киинэ Бэрдьигэстээх уулуссаларыгар Саҥа дьыл алыптаах тыынын аҕаллылар…

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

8 часов ago