Бэрдьигэстээхтэр бэйдиэ сылдьар ыттарга миэрэ ылан эрэллэр

Бэрдьигэстээхтэр бэйдиэ сылдьар ыттарга миэрэ ылан эрэллэр

14.11.2022, 17:50
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ бэйдиэ сылдьар ыт тиэмэтэ хаһааҥҥытааҕар да сытыырхайан турар кэмэ.

Сэтинньи 3 күнүттэн Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин дьаһалтатын исписэлиистэрэ Горнайдааҕы бэтэринээринэй учаастак биэлсэрдэрин кытта бэйдиэ сылдьар ыттары бэрэбиэркэлиир эриэйдэ ыыталлар. Бу туһунан улуустааҕы дьаһалта телеграм-ханаала иһитиннэрэр.

Бэтэринээрдэр уонтан тахса күн устата Бэрдьигэстээх олохтоохторун  күн аайы маннык эриэйдэ ыытылларын сэрэтэн,   ыттарын  баайалларыгар ыҥыраллар. Онон бэрээдэк, биллэн турар, тубуста. Ыттары хаһаайыттара баайан эрэллэр.

Улуус аайы  батсаап араас бөлөхтөрүгэр «бэйдиэ ыттары хайдах суох гынабыт?» диэн көннөрү кэпсэтиинэн эрэ муҥурданар буоллахтарына, бэрдьигэстээхтэр холобурдарын батыһар кэм кэллэ диэн этиэххэ сөп.

Хаартыска: улуустааҕы дьаһалта телеграм-ханаалыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: