Салгыы
“Берегиня” иитиллээччилэригэр бэлэх туттардылар

“Берегиня” иитиллээччилэригэр бэлэх туттардылар

18.12.2024, 21:00
Хаартыска: Чэмэлиинэ Скрябина тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Пригороднай сэлиэнньэтээҕи дьахтар сэбиэтин чилиэннэрэ ааспыт субуотаҕа, ахсынньы 14 күнүгэр, “Берегиня” оҕо киинин иитиллээччилэрин Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн, бэлэх туттаран, санааларын көнньүөрдэн кэллилэр.

-“Берегиня” оҕо киинин дьиэ кэргэҥҥэ иитии салаатын сэбиэдиссэйигэр Светлана Геннадьевна Петроваҕа эрийэн тиийэн, оҕолору эҕэрдэлиэхпитин баҕарабыт диэбиппитигэр наһаа үөрбүтэ, — диэн кэпсиир дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Чэмэлиинэ Скрябина. – Биллэн турар, кураанах илиилээх тиийбэт буоллахпыт, бэйэбит таспытыгар баар “Семейный континет” маҕаһыын хаһаайына Торник Авдалян биһиги көрдөһүүбүтүн истээт да, тута үс бакыаты толору сабыс-саҥа оҕо таҥаһын кроссовкатыгар тиийэ биэрбитэ. Адвокат-юрист Любомир Михайлов көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, эмиэ 17 минньигэс астаах бэлэҕи атыыласпыта. Эбиитин Тымныы Оҕонньор, Хаарчаана, Эһэ таҥаһын прокаттан уларса охсон, Любомир Николаевичка Тымныы оҕонньор таҥаһын кэтэрдэн, бэйэм Хаарчаана таҥаһын, биир кыыспыт Эһэ таҥаһын кэтэн, элбэх буолан тиийбиппит.

Оҕо киинигэр 3 сааһыттан 17-гэр диэри саастаах сүүрбэ оҕо олорор эбит, биһиги тиийэрбитигэр 17 этилэр. Уһуйааҥҥа үлэлиир икки кыыспыт оҕолорго оонньуу бөҕөнү оонньотон, флеш-моб, минньигэс бириистээх биктэриинэ ыытаннар, оҕолор барахсаттар сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн атаарбыттара.

Дьахтар сүбэтэ үтүө санааны саҕар өссө биир бырайыагын үлэлэтэ сылдьар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр сыалтан, Покровскай тыраагы кыйа турар маҕаһыыннарга “Үтүө санаа хоруопкаларын” уурталаабыттар. “Лювези” маҕаһыыҥҥа турар  хоруопка хайыы-үйэ араас бородууктанан туолбутун, байыаннай дьайыыга сылдьар аҕалаах дьиэ кэргэҥҥэ туттарбыттар. Биир хоруопка эмиэ туолбут, ону бу күннэргэ эмиэ биир дьиэ кэргэҥҥэ туттарыахтаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: