Бэрэсидьиэн быыбара: уларыйыылар, чахчылар
Дойдубут Аҕа баһылыгын быйыл биһиги ахсыс төгүлүн талабыт. Бэрэсидьиэн боломуочуйата диэн аан бастакытын 1991 сыллаахха киирбитэ. Арассыыйа сиринэн-уотунан саамай улахан судаарыстыба буолан, бэрэсидьиэн быыбара оччоттон бэттэх аан дойду бэлиитикэтин хонуутугар биир сүрүн пуун быһыытынан бэлиэтэнэр.
БЭРЭСИДЬИЭН БЫЫБАРА СОКУОН ХАРАҔЫНАН
Арассыыйа бэрэсидьиэнин боломуочуйатын туһунан сокуон 1991 сыллаахха референдум кэнниттэн ылыныллыбыта. Бастакы быыбар ити сыл бэс ыйын 12 күнүгэр ыытыллыбыта. Бу кэмтэн ыла отуттан тахса сылааста. Туох уларыйыылар киирбиттэрэй? Бастатан туран, ону көрүөххэ.
1991 сыллаахха тахсыбыт сокуоҥҥа дойду салайааччытынан 35-тэн 65-гэр диэри саастаах киһи талыллар бырааптааҕа. Дойду бэрэсидьиэнэ биэс сылга талыллара. Быыбар күнэ Норуот дьокутааттарын сийиэһинэн быһаарыллара. Бу сокуонунан бэрэсидьиэн уонна вице-бэрэсидьиэн тэҥинэн талыллаллара. Ол эбэтэр бэрэсидьиэн уонна вице-бэрэсидьиэн бүллүтүөҥҥэ тэҥҥэ суруллаллара. Оччолорго РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Борис Ельцин олороро. Бу быыбарга Борис Ельцин уонна Үрдүкү Сэбиэт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Руцкой бэрэсидьиэнинэн уонна вице-бэрэсидьиэнинэн талыллыбыттара.
Бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар бэйэлэрин хандьыдааттарын баартыйалары таһынан профсойуустар, маассабай уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хамсааһыннар, үлэ кэлэктииптэрэ, орто, үрдүк үөрэхтэр, байыаннайдар туруорар бырааптаахтара, ону сэргэ нэһилиэнньэ мунньаҕынан эмиэ хандьыдааты быыбарга кытыннарар быраап баар этэ. Быыбарга кыттар хандьыдаат 100 тыһыынча киһи илии баттааһынын, норуот дьокутааттарын уопсай ахсааннарыттан 20 бырыһыантан итэҕэһэ суох өйөбүллэрин ылыахтааҕа. Хандьыдаат быыбарга куоластааччылар улахан аҥаардарын ылыахтааҕа. Өскөтүн куоластааһыҥҥа быыбардааччылар аҥаардара кэлбэтэҕинэ, быыбар түмүгэ ааҕыллыбат этэ.
1993 сыллаахха Арассыыйа Конституциятын ылыммыппыт. Төрүт Сокуонунан дойду салайааччыта түөрт сылга болдьохтоох талыллар буолбута. Конституцияҕа олоҕуран федеральнай сокуоннар тахсыбыттара. Ол курдук, 1994-95 сыллардаахха “Арассыыйа гражданнарын куоластыыр бырааптарын сүрүн мэктиэлэрин туһунан”, “Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарын туһунан” диэн федеральнай сокуоннар олоххо киирбиттэрэ. Бу сокуоннарынан быыбардыыр кумааҕыга “барыларын утарабын” диэн графа киирэн биэрбитэ. Бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар талыллар хандьыдаакка эбии ирдэбиллэр киирэннэр, хандьыдаат хайаатар да Арассыыйа олохтооҕо, ону таһынан, уон сылтан кырата суох Арассыыйаҕа олорбут буолуохтааҕа. Сааһынан быһыы – 65 саас диэн – суох буолбута. Ону таһынан, бу сокуоннарга бэрэсидьиэн быыбарын күнүн анааһын олохтоммута. Саҥа быраабыланан бэрэсидьиэн болдьоҕо бүппүт күнүн кэнниттэн бастакы өрөбүлгэ куоластааһын ыытыллар буолбута. Быыбарга кыттар хандьыдаат сүүс тыһыынча буолбакка, аны биир мөлүйүөн илии баттааһыны хомуйдаҕына эрэ биирдэ кыттар быраабы ылар кыахтаммыта. Ону сэргэ бу сокуоннарынан эрдэ куоластааһын уонна открепительнай дастабырыанньа диэн өйдөбүллэр киирбиттэрэ.
1999 сыллаахха саҥа уларыйыылар киирэннэр, хандьыдааттан сууттаммытын, Арассыыйаны таһынан атын дойдуга гражданство ылбытын, дохуотун, баайын-дуолун туһунан ыспыраапкалары ирдиир буолбуттара. Ону таһынан куоластааһын күнэ уларыйан, саҥа сокуонунан, бэрэсидьиэн быыбара ыытыллыбыт ыйын бастакы өрөбүлүгэр тэриллэр буолбута.
Оттон 2000 сыллардаах уларыйыылартан ыллахха, биир сүрүн уларыйыынан дойду салайааччыта бэрэсидьиэннии олорон дуоһунаһыттан уурайан баран быыбарга иккиһин кыайан кыттыбат буолуута киирбитэ. Бэйэ баҕатынан кыттар хандьыдааттарга сокуонунан ирдэбиллэр өссө күүһүрбүттэрэ. Өскөтүн бу иннинэ быыбарга кыттыан баҕалаах киһи сүүс киһилээх көҕүлүүр бөлөх тэринэр, биир мөлүйүөн киһиттэн илии баттааһынын хомуйан аҕалар буоллаҕына, саҥа ирдэбилинэн көҕүлүүр бөлөх – 500, илии баттааһына – 2 мөлүйүөн киһиэхэ диэри улааппыта.
2005 сыллаахха киирбит сокуоннарынан баартыйалар эрэ хандьыдааттары туруорар бырааптаммыттара. 2006 сыллаахха “барыларын утарабын” диэн графа, быыбарга кыттыы үрдүкү кэрдииһэ диэн суох буолбута. Ону таһынан тас дойдуларга гражданство эбэтэр олорор көҥүлү ылбыт, улахан буруйу оҥорон сууттаммыт дьон быыбарга кыайан кыттыбат усулуобуйалара оҥоһуллубута.
КОНСТИТУЦИЯҔА УЛАРЫЙЫЫЛАР
2008 сыллаахха Конституцияҕа уларыйыылар киирэннэр, бэрэсидьиэн аны алта сылга болдьохтоох талыллар буолбута. 2017 сыллаахха открепительнай дастабырыанньа оннугар куоластааччы эрдэттэн сайабылыанньа суруйан бэйэтэ быыбардыыр учаастагын талар кыахтаммыта. Ити сыл быыбарга уопсастыбаннай хонтуруол диэн киирэн, эрэгийиэннэргэ уопсастыбаннай палааталар, кэтээн көрөр хамыыһыйалар, о.д.а. быыбар хаамыытын хонтуруоллуур кыахтаммыттара.
Иккис улахан уларыйыы 2020 сыллаахха ыытыллыбыта. Манна хандьыдааттарга ирдэбил өссө күүһүрэн биэрбитэ. 1995 сыллаах сокуонунан хандьыдаат Арассыыйаҕа ханна да көспөккө уон сыл олорбут буолуохтаах диэн этэ. Саҥа киирбит уларыйыынан, бу ирдэбил 25 сылга диэри уһаан биэрбитэ. Конституцияҕа биир сүрүн уларыйыынан биир киһи бэрэсидьиэнинэн иккитэ эрэ талыллар ирдэбилэ киирбитэ. Бу иннинэ икки болдьохтон тэҥинэн диэн этэ. Бу уларыйыы 2020 сылга киирбит буолан, бу иннинээҕи бэрэсидьиэннэргэ тарҕаммат. Онон кинилэргэ эмиэ болдьохторо Конституцияҕа уларыйыылар киирбит сылларыттан 2020 сыл кэнниттэн ааҕыллар.
Итини таһынан 2020 сылга быыбардааһын систиэмэтигэр уларыйыылар киирэннэр, электроннай куоластааһын диэн киирбитэ. Ону таһынан, ити сылларга аан дойду үрдүнэн дьаҥ-дьаһах туран, быыбар үс күн устата ыытыллар буолбута. Былырыын байыаннай балаһыанньа буола турар сиригэр быыбары ыытыы туһунан туспа уларыйыылар киирбиттэрэ.
БЫЫБАРДААЧЧЫ АХСААНА
Арассыыйа үрдүнэн барыта 114,2 мөлүйүөнтэн тахса быыбардааччы баар. Итинтэн 1,8 мөлүйүөнтэн тахса киһи тас дойдуга куоластыахтаах. Оттон Байконурга – 11,9 тыһыынча киһи. Байконур быыбардыыр учаастактарын тас дойдулартан тоҕо туспа ааҕабытый диир буоллахха, Байконур Казахстан куората эрээри, Арассыыйаҕа киирсэр. Манна ааспыт үйэ 50-с сылларыгар тутуллубут аан дойду үрдүнэн саамай улахан космодром баар. Билигин Арассыыйа бу космодрому уонна онно баар сирин-уотун, ол иһигэр Байконур куораты, Казахстантан арыандалаан олорор. Онон манна икки судаарыстыба сокуоннара үлэлииллэр.
ЧАХЧЫЛАР
Бэрэсидьиэн быыбардара 1991, 1996, 2000 (болдьоҕун иннинэ), 2004, 2008, 2012 уонна 2018 сыллардаахха ыытыллыбыттара.
1996 сыллаахха Арассыыйа устуоруйатыгар бэрэсидьиэн быыбара икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. Уон хандьыдаат баарыттан иккис түһүмэххэ Борис Ельцин (бастакы түһүмэххэ 35,28% ылбыта) уонна Геннадий Зюганов (32,03%) тахсыбыттара. Түмүккэ Борис Николаевич быыбардааччылар 53,82 % ылан, бэрэсидьиэнинэн иккиһин талыллыбыта.
2000 сыллаахха саамай элбэх хандьыдаат кыттыбыт. Быыбардааччылар бүллүтүөҥҥэ киирбит 11 хандьыдааттан бэрэсидьиэнинэн Владимир Путины талбыттара.
Саамай элбэх быыбардааччы 1991 сыллаахха кэлбит. Бу быыбарга куоластааччылар 74,66 % кыттыбыт.
Бэрэсидьиэннэр быыбардарыгар саамай элбэх куолаһы Владимир Путин 2018 сыллаахха ылбыт. Кини туһатыгар олохтоохтор 76,69 % куолаһы биэрбиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: