Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Аҕа дойду сэриитин биир улахан суолталаах историческай Албан ааттаммыт күнэ — Ленинград куорат өстөөх төгүрүктээһиниттэн босхоломмут күнэ бэлиэтэнэр.
Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эһиил 2024 сылга Дьоруой куорат Ленинград 872 хонуктаах төгүрүктээһинтэн босхоломмута 80 сылын киэҥник бэлиэтииргэ этии киллэрдэ уонна онно аналлаах тэрээһиннэри 2023 сыл тохсунньу 18 күнүттэн саҕалыырга туһаайда. 80 сыл анараа өттүгэр тохсунньу 18 күнүгэр Ленинград төгүрүктээһинин төлө көтөн, блокаданы букатыннаахтык көтүрүүгэ далаһаны уурбуттара.
Төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит Ленинград олохтоохторун ыар олохторо кими да долгуппат буолуон сатаммат. Төгүрүктээһин кэмигэр 632 тыһыынчаттан тахса киһи хоргуйан өлбүтэ, 17 тыһыынча кэриҥэ киһи буомбалааһыҥҥа түбэһэн, сырдык тыына быстыбыта. Ленинград иһин охсуһууга сэбиэскэй буойуннар, Ленинград олохтоохторо үс сыл устата тылынан да кыайан кэпсэммэт тулууру көрдөрөн, өстөөх сөмөлүөттэрин буомбатын, артиллериятын уотун аннынан куораттарын көмүскээн кыайыыны аҕалбыттара.
Ленинград дьулаан төгүрүктээһиниттэн тыыннаах ордубут кырачаан нуучча кыыһа Лариса Тарасовна Иванова улаатан үөрэхтэнэн, дьылҕа хаан ыйааҕынан Саха сиригэр кэлэн олохсуйан, 40-тан тахса сыл Ньурба Аканатын оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлээн, үөрэнээччи тапталын, төрөппүт махталын ылбыт улахан учуутал этэ.
Сэрии саҕаланыытыгар баара-суоҕа 4 саастаах кырачаан кыыс Лариса Ленинград төгүрүктээһинигэр түбэспитэ. Ол саҕана өйдөөн хаалбыта: өстөөх буомбатыттан күл көмөр буолбут дьиэлэри көрө сатыырын, ийэтэ сиэтэ сатыырын, аҕыйах кэминэн аҕатын уһугуннарабын диэн тардыалаабыта өлбүт эбитин. Сааһыары ийэтэ эмиэ хоргуйан өлөн соҕотох хаалбытын ыаллара булан, кинин Оҕо дьиэтигэр ыыппыттар. 1942 сыл сайыныгар кыысчааны Ленинградтан Ярославскай уобалас Переславль куоратыгар көһөрөллөр. Онно сырыттаҕына оҕото суох ыаллар иитэ ылбыттар. Сэрии кэнниттэн бу куоракка педучилищены бүтэрэн, Лариса Зайканова начаалынай кылаас учууталынан Саха сиригэр ананан кэлэн Дьааҥы оройуонугар учууталлыыр. Манна үлэлии сылдьан, эмиэ учуутал идэлээх Акана уолугар Иванов Егор Николаевичка кэргэн тахсан, уол дойдутугар Аканаҕа кэлэн олохсуйаллар, үлэлииллэр.
Лариса Тарасовна үөрэҕин үрдэтэн, нуучча тылын учууталынан, Егор Николаевич саха тылын учууталынан, иккиэн РСФСР норуотун үөрэҕириитин, ССРС үөрэҕириитин туйгуннара бэлиэлээх айымньылаахтык Акана оскуолатыгар үлэлээн ааспыттара, 4 оҕолонон Акана нэһилиэгин биир ытыктанар интэлигиэн ыала этилэр.
Акана олохтоохторо учуутал быһыытынан дириҥ билиилээх, ирдэбиллээх, үөрэнээччилэргэ улуу нуучча тылыгар тапталы иҥэрбит киһи быһыытынан аламаҕай Лариса Тарасовна туһунан олус сырдык өйдөбүллээхтэр.
Сэрии сылларыгар ыар дьылҕаламмыт суос соҕотох туран хаалбыт кырачаан нуучча кыыһа биһиги дойдубутугар аналын булан, тапталы билэн улахан олоҕу олорон аастаҕа. Кини олоҕун түөрт оҕото, 14 сиэнэ, онтон элбэх хос, хос-хос сиэннэрэ салгыыллар. Билигин Акана нэһилиэгэр Ивановтар улахан кыыстара Галина, орто уол Владимир, мин чугас дьүөгэм Мария Тимофеевна кэргэнэ элбэх оҕолонон, билигин сиэннэр үөрүүлэринэн, түбүктэринэн дьоллонон олохсуйан олороллор.
Дьыл-кэм аастаҕын да иһин, дойдубут устуоруйатыгар Ленинград төгүрүктээһинин туһунан хомолто уонна албан аат сырдык өйдөбүлэ хас эмэ көлүөнэҕэ умнуллубакка ахтылла, суолталара улаата туруоҕа. Билиҥҥи дойдубутугар буола турар уустук кэмҥэ Ленинград төгүрүктээһинин туһунан курус уонна хорсун быһыы өйдөбүлэ, суолтата ыччаты патриоттуу иитиигэ дьоһун холобур.
Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба, Хаҥалас.
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…
Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…
Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…
Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…
Чурапчы улууһун айылҕа харыстабылын судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин кэлэктиибэ үүнэр көлүөнэни тулалыыр эйгэни харыстыырга иитии чэрчитинэн үөрэтиини…