Бэртээхэй бачыым салҕанан иһиэхтин
Кэбээйи улууһун нэһилиэктэригэр көхтөөх, дойдулара үүнэрин-сайдарын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллар дьон аҕыйаҕа суохтар.
Бу күннэргэ Сииттэ олохтооҕо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Люция Николаевна Томская (Попова) Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, төрөөбүт тапталлаах Сииттэтэ өрүү күөҕүнэн симэнэ турарын туһугар, 80 устуука акация уонна бузина мастары хас биирдиитин тус-туһунан арассаадалаан, олохтоох дьаһалта баһылыгар Семен Тимофеевка бэлэх быһыытынан туттарбыт.
“Онон Ийэ, Кыайыы искибиэрдэрин аны акация, бузина мастар киэргэтиэхтэрэ диэн олус үөрдүбүт, астынныбыт. Люция Николаевнаҕа өссө төгүл улахан махталбытын тиэрдэбит. Дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт”, – диэн үөрүүтүн үллэстэр А.В. Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култууратын дьиэтин дириэктэрэ Марианна Сивцева.
Үтүө быһыы болҕомтото суох ааспатах. Кэбээйи нэһилиэгэр “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ, Сииттэ олохтооҕо Л.Н. Томская бузина, акация арассаадатын олордон бэлэхтээбит үтүө бачыымын сэргээннэр, бэйэлэрин нэһилиэктэригэр баар Томтор искибиэрин көҕөрдүүгэ ылсыбыттар.
“Ол курдук “Күбэйэ” салайааччыта Татьяна Семёновна кимиэхэ ханнык көрүҥ мас баарын токкоолоһон, туох мас баарын быһаарыстыбыт. Томтор Ытык Сирин көрөр-истэр хаһаайына, бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Е.А. Павлов үөрүүнү кытта сөбүлэһэн, искибиэрин арыйан үлэлэһэргэ бэлэмин биллэрдэ, – диэн кэпсиир Елизавета Софронеева-ИлИиһэ Санаайа. — Кэбээйи нэһилиэгин баһылыга Илья Иванович Левин уунан хааччыйыытын быһаарыах буолла. Ити курдук сүбэлэһэн, атырдьах ыйын 28 күнүгэр күнүс 14.00 ч. Томторго, “Күбэйэ” эбээлэрэ мас үнүгэстэрин илдьэ кэлэннэр, күргүөмнээх үлэ күөстүү оргуйда”.
Манна оскуоланы быйыл бүтэрэр 11 кылаас салайааччыта Майя Терехова, бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Егор Павлов кыттыспыттар. Кыайан кэлбэтэх эбээлэр мас, кунус буор ыыппыттар, кинилэр оннуларыгар кэргэттэрэ, оҕолоро кэлэн күргүөмүнэн саба түспүттэр: ким күрдьэҕинэн кырыс алдьатан, ким луҥха хаһан, маһы олордон, уу таһан, кутан… Искибиэр хаһаайынын ыйыытынан күрүөнү кыйа мас олордубуттар, өссө бэйэтин тиэхиньикэтинэн баран, А.С. Максимова олбуоруттан сарбынньахтары түөрэн аҕалбыт.
“Ити курдук үтүө бачыымынан өрө күүрэн, Томторго долохуна, харас, акация, сарбынньах, бузина уонна элбэх сыллаах сибэккилэр олортубут, үлэлэспит дьон куттуун-сүрдүүн үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт. Аны саас Ытык Сир Томтор ото-маһа чэлгийэ үүнэн, көҕөрөн-чэчирээн, кэрэ көстүүтүнэн кэлбити-барбыты кэрэхсэтэ туруо буоллаҕа!
Бука бары бу үтүө хамсааһыны өйөөн, Кэбээйибит көстүүтэ тупсарыгар күргүөмнээх үлэ бачыымын Күбэйэлэрдиин саҕаласпыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Субу курдук , тус бэйэбит кыахпытынан , куруутун даҕаны нэһилиэкпит туһугар көхтөөхтүк кыттан истэхпитинэ Олоҥхо Ыһыаҕар дылы Кэбээйибит кэрэтийиэ да буоллаҕа! – диэн Елизавета Софронеева-ИлИиһэ Санаайа кэпсээнин түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: