Бөртөлүөт түһэригэр сиргэ кытаанахтык сааллан киһи өллө
Магадан уобалаһыгар МИ-8 бөртөлүөт баахта үлэһиттэрин олохтоох рудниктан илдьэн иһэн, сиргэ олороругар кытаанахтык сааллыбыт. Ол түмүгэр икки киһи эчэйбит, биир киһи өлбүт.
«Бөртөлүөккэ уопсайа 20 киһи олорсон испит. Бөртөлүөт түһэригэр сиргэ кытаанахтык сааллыбыт», — диэн Омсукчан муниципальнай уокуругун бэрэстэбиитэллэрин бэрэссэдээтэлэ Олег Егоркин иһитиннэрбит. Суһал быһыы-майгы тахсыбыт сиригэр быыһааччылар уонна авиамэдиссиинэ үлэһиттэрэ көппүттэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн дьиҥ дааннайдар биллиэхтэрэ диир Олег Егоркин.
Росавиация пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, салгын суудуната Кварцевый- Омсукчан хайысхатынан айаннаан испит. Халлаан туруга оройуоҥҥа мөлтөҕүнэн быһылаан тахсыбыт сиригэр быыһыыр-көрдүүр бөртөлүөтүнэн тиийэн дьону өрүһүйэ охсор уустугурбут. Салгын суудунатын туһаныыга сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 263 ыст.2 ч. холуобунай дьыала тэриллибит. Бу туһунан Уһук Илиҥҥи тырааныспар борокуратууратын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: