Хаартыска -- Галина Горчакова түһэриитэ.
Бэс ыйа — сайыҥҥы кэм саҕаланыыта. Алгыһы, уруйу-айхалы кытта аргыстаһа сылдьар буолан, бу ый кыаҕа-күүһэ муҥура суох улахан. Бэс ыйыгар туох барыта сириэдийэр, ситэр.
Бэс ыйын 3 күнэ – Саар Көстөкүүн. Анды үгэннээн киирэр. Сайылык Малааһына.
Бэс ыйын 16 күнэ – Хотугулуу-арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.
Бэс ыйын 19 күнэ – Күн уһуна 19 чаас 46 мүнүүтэ. Мантан ыла биир таһымҥа 4 күн турар, ол аата бэс ыйын 23 күнүгэр диэри.
Бэс ыйын 19 күнэ – Хатыҥ туоһун хастааһын кэмэ от ыйын ортотугар диэри.
Бэс ыйын 21 күнэ – Ыhыах күнэ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ — от хомуура мөлтөх.
Бэс ыйын 22 күнэ – Саамай уһун күн. Саамай кылгас түүн.
Бэс ыйын 25 күнэ – Сайын иэҕиллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
Бэс ыйын 26 күнэ – Өкүлүүнэ күнэ. Күн кылгаан барар. Мас кэхтэр тыала түһэр. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
Бэлэмнээтэ норуот синоптига ТУСКУЛ.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…
Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…
Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…
Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…
Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар эппиэттээх исписэлиистэрэ,…
Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…