Бэс ыйын билгэтэ

Бэс ыйа — от-мас, сир симэҕэ тиллэр, чыычаах ыллыыр, сайын саҕаланыыта, үрүҥ түүн түһүүтэ.
Норуот билгэлээһининэн, бэс ыйыгар түүн сылаас буоллаҕына үрдүк үүнүүнү кэтэһиэххэ сөп. Сарсыарда туманнаах буоллаҕына тэллэй хойуутук үүнүө. Сарсыардааҥҥы сиик элбэҕэ — эмиэ үрдүк үүнүүгэ. Дьон-сэргэ бэс ыйа хайдаҕый да, от үүнүүтэ миэ оннук буолуо дииллэр.
Күнү-дьылы билгэлииргэ маннык күннэри кэтээн көрүү ордук суолталаах:
3 — сөҥүү түстэҕинэ, күһүн эмиэ ардахтаах буолар.
7 — мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн-көйүүр тиллэр. Ыам бырдаҕа түһэр.
10 — чуумпу буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэс.
12 — чэмэлкэй, ыраас, куйаас күннэр тураллар.
16 — хотугулуу-арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах. Этиҥнээх ардах — от үлэтэ уустуктук ааһарын бэлиэтэ. Күнү быһа самыырдаатаҕына — тэллэй элбэх.
21 — этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэр төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар.
22 — саамай уһун күн.
27 — ый бүтэһигэр «мас кэхтэр» тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от-мас үүнэригэр туһалаабат.
Саха ыалын халандаара, 2007, 2009, 2015 сс.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: