Салгыы
Бэтэрээн баһаатайдары умнумуоҕуҥ

Бэтэрээн баһаатайдары умнумуоҕуҥ

Ааптар:
19.05.2023, 15:45
Хаартыска: ЯСИА.
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 19 күнэ – В.И. Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ төрөөбүт күнэ. Сэбиэскэй кэмҥэ оҕо аймахха бу күн чахчы да улахан бырааһыннык этэ.

Аалай кыһыл былаах уонна хаалтыс, горн тыаһа, барабаан ньиргиэрэ, пионерскай сбордар, линейкалар, походтар, Тимуровскай хамаанда, анал кутаа уот тула ырыа-тойук, күрэхтэһиилэр… Ама, ким умнуоҕай!
Пионердар хаһыаттара “Бэлэм буол” – олохпут аргыһа этэ. Сэбиэскэй кэм элбэх көлүөнэ дьоно пионерскай тэрилтэҕэ иитиллэн, уһуйуллан олох киэҥ аартыгар тахсыбыттара. Эдэркээн пионердар эйэлээх кэмҥэ олох, үлэ, үөрэх инники күөнүгэр сылдьыбыттара. Оҕо эрдэхпитинэ узбек кыыһа, пионерка Мамлакат хлопок хомуйуутугар үрдүк ситиһиилэрин кэпсээн оҥосторбут. Уоттаах сэрии сылларыгар пионердар өстөөҕү утары дьоруойдуу охсуспуттара. Леня Голиков, Володя Дубинин, Валя Котик, Марат Казей… дьоруойдуу быһыылара, кинилэр ааттара оҕо аймах холобур оҥостор, ыҥырар, угуйар сулус­тара буолаллара.
Оскуолаларга пионердар тэрилтэлэрин үлэтин старшай пионер баһаатайдар – учууталлар сүрүннүүллэрэ, салайаллара, орто оскуолаларга босхоломмут старшай пионер баһаатайдар (оччолорго итинник ааттаналлара) үлэлииллэрэ. Биһиги оскуолабытыгар старшай баһаатайынан бастакы учууталым Тамара Васильевна Апросимова, онтон кэлин СӨ үтүөлээх учуутала, педагогика билимин дуоктара, бэрэпиэссэр буолбут Александра Дмитриевна Семенова үлэлээбиттэрэ.
Быйыл Педагог, уһуйааччы сыла. Пионерскай хамсааһын бэтэрээннэрэ – билигин сынньалаҥҥа олорор ытык кырдьаҕастар. Оҕо аймаҕы иитиигэ, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйууга кинилэр киллэрбит сүдү кылааттара умнуллуо суохтаах, сөптөөхтүк сыаналаныахтаах. Ол үлэ быйыл биллэрдик сэргэхсийэригэр эрэнэбин. Билигин оҕону, ыччаты иитиигэ араас хайысханы, тэрээһини көрдүүр кэмҥэ ол олус туһалаах буолуох этэ.

Николай РЕБРОВ,
суруналыыс.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: