Бэтэрээннэр, ыччаттар биир хамаанданан күрэхтэстилэр
Кадетскай оскуола-интэринээт дьиэтигэр “Ийэ дойду туохтан саҕаланар?” пуорум чэрчитинэн байыаннай-спортивнай многоборье ыытылынна.
Бу күрэхтэһии уратыта диэн биир хамаандаҕа бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, 50+ саастаах көлүөнэ, орто уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннара, курсааннар, оскуола үөрэнээччилэрэ, үлэлиир ыччат киирэллэр. Быйыл хас да хамаанда кыттарга бэлэмин биллэрбит: ЫБММ “Огнеборец” хамаандата, Нам улууһуттан “Дьулуур”, ИДьМ “ Честь и доблесть” хамаандата, Мэҥэ Хаҥаластан “Мэҥэлэр”, Уус Алдантан “Мүрүлэр”, Хаҥаластан “Эргистэр”, Горнай улууһуттан “Чыпчаал”, ХИФУ хамаандата “Универ”, Дьокуускайдааҕы авиационнай тиэхиньиичэскэй училище, АГАТУ, Уу тырааныспарын институтун, юридическай полицейскай колледж, тыа хаһаайыстыбатын техникумун сүүмэрдэммит хамаандалара.
Софья Кобякова, Нам улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
-Биһиги пуорум буоларын истээт даҕаны бэлэмнэнэ охсон кэллибит. Хамаандабытыгар икки ыччат, икки баһаарынай чаас үлэһитэ, 65 саастаах икки бэтэрээн бааллар. Хамаанда салайааччыта Оксана Лебедева. Бүгүҥҥү пуорумҥа кэллиэгэлэрбитин кытта көхтөөхтүк кыттарга бэлэммит.
Павел Оконешников, Хатыҥ Арыы орто оскуолатын дириэктэрэ, Нам улууһунааҕы “Буойун” бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ:
— Мин бэтэрээн хамсааһынын бэрэстэбиитэлин быһыытынан төгүрүк остуолга кыттабын. Маннык пуорумнар билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаахтар, мин санаабар байыаннай-патриотическай иитии бастакы миэстэҕэ туруохтаах. Аныгы ыччат дойдутун устуоруйатын, аҕа саастаах көлүөнэ бойобуой албан аатын билиэхтээх, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн бэлэм буолуохтаах. Бэйэм техникуму бүтэрэн баран, 1998 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Ол саҕана чеченскэй хампаанньа кэмэ этэ, биһиги пуолкабытын онно ыыппыттара. Бойобуой соруктары толорбуппут, ол кэнниттэн Эр санаа уордьанынан наҕараадаламмытым.
Пуорум үөрүүлээх аһыллыытын кэннэ хас да көрүҥҥэ күрэхтэһиилэр буоллулар. Көлүөнэлэри ситимниир, патриотическай иитии маннык саҥа көрүҥүнэн барбыта интэриэһинэй.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: