Биир дойдулаахпыт «Пятница» теле-ханаалга саҥа биэриигэ кыттар

Share

«Пятница» теле-ханаалга Саха сириттэн эдэр асчыт Владимир Герасимов «Молодые ножи. Новая кровь 2 сезон»  биэриигэ кыттар.

Владимир 22 саастаах, Дьокуускай куораттан сылдьар диэн теле-ханаал саайтыгар суруллубут. Эдэр асчыт шоуга кыттарга сайаапкатын аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан ыыппытын туһунан кэпсээбит.

Саҥа шоу «Пятница» теле-ханаалга олунньу ортото  тахсыахтаах. Биэрии ыытааччыта   Константин Ивлев. Киниэхэ Илья Захаров уонна Анастасия Костюренко көмөлөһүөхтэрэ диэн ханаал саайтыгар иһитиннэрбиттэр. Күрэххэ кыайбыт бастыҥ кыттааччы Дубайга мишленовскай эрэстэрээҥҥэ үлэҕэ киириэхтээх.

 

https://chefshows.ru/uchastniki-molodye-nozhi-novaya-krov-2-sezon/

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Быраастар киһи хабаҕыттан харандааһы хостоотулар

Москва уобалаһын Красногорской балыыһатыгар 46 саастаах дьахтар хабаҕыттан косметикаҕа туттуллар харандааһы хостообуттарын туһунан Москва уобалаһын…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Саха сирин боксаҕа сүүмэрдэммит хамаандата Уһук Илин чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа

Владивосток куоракка боксаҕа Уһук Илин бастыыр иһин күрэхтэһии уонна чөмпүйэнээт саҕаланна. Күрэхтэһиигэ эрэгийиэннээҕи хамаандалартан кыргыттар,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Билим ситиһиитин бэлиэтэ уонна Саха сирин сайдыытыгар кылаат

2025 сыллаахха Саха сиригэр уһулуччулаах учуонай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Анатолий Попов өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин уонна билимин…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бэтэрээн бырайыага  быыһааччылар үлэлэрин түргэтэтэргэ көмөлөһүөҕэ

СӨ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Петр Николаев байыаннай дьайыы  бэтэрээнэ, “Саха сирэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«ДАРХАН УУС»: ирбэт тоҥ хатан тимирин кылаан тургутуга

Саха тимирэ, тимиринэн уһаныы – бу саханы саха дэппит, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга биһигини киһи-хара…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан «Цифровой капитал региона» диэн стратегическай сиэссийэҕэ кытынна

Ил Дархан Айсен Николаев  Москваҕа  судаарыстыбаннай салайыы норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы конгреһыгар   «Цифровой капитал региона»…

2 часа ago