Салгыы
Биир кэлим төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны хаһан биэриэххэ?

Биир кэлим төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны хаһан биэриэххэ?

09.04.2023, 15:13
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Саҥа төрөөбүт кырачааҥҥа биир кэлим төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны кини төрөөбүтүн кэнниттэн хаһан баҕарар биэриэххэ сөп.

Онуоха  сыл аҥаара кэм бэриллэр. Өскөтүн эһиги кырачааҥҥыт төрөөбүтүн бастакы алта ыйыгар сайабылыанньаҕытын биэрдэххитинэ, төрөөбүт күнүттэн саҕалаан уопсай сууманы төлүөхтэрэ. Онтон  хойут, алта ый кэнниттэн  биэрдэххитинэ, хаһан сайабылыанньа биэрбит күҥҥүтүттэн ааҕыахтара.

Биир кэлим төлөбүрү ыларга уопсай усулуобуйа – дьиэ кэргэн орто дохуота  тиийинэн олорор кээмэйтэн кыра буолуохтаах.

Оҕо күүтэр кэмҥэ биир кэлим төлөбүрү ылар туһугар 12-с нэдиэлэҕэ диэри  дьахтар консультациятыгар учуокка туруллар уонна сайабылыанньа суруйуллар. Оҕо төрөөбүтүн кэннэ төлөбүр тохтооботун туһугар төлөбүрү кырачааҥҥа көһөртөрүөххэ сөп.

Манна сыһыаран эттэххэ, ийэ буолуохтаах дьахтар 10–14, 18–22 уонна  30–32-с нэдиэлэлэригэр бырааска сылдьыбатаҕына, төлөбүрү биэрии тохтотуллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 октября
  • -6°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 73% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: