Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр босуобуйаны ханнык баҕарар ыал ылар кыахтаах. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сирнээҕи салаата иһитиннэрэр.
Оҕо төрөөтөҕүнэ, маннык босуобуйаны дьиэ кэргэн дохуотуттан, хаһыс оҕонон төрөөбүтүттэн тутулуга суох, бары ылаллар.
Саха сиригэр биирдэ бэриллэр босуобуйа суумата — 37 718 солкуобайтан 53 883 солкуобайга диэри (оройуоннай коэффициентан тутулуктаах).
Үлэлиир төрөппүттэр төлөбүрү сайабылыанньата суох, үлэни биэрээччи нөҥүө ылаллар. Иккиэн үлэлиир буоллахтарына, ийэтиг счетугар түһэрэллэр.
Үлэлээбэт төрөппүттэр сайабылыанньа суруйуохтарын наада: «Госуслуги» портал нөҥүө, эбэтэр, Социальнай пуонда килийиэннэрин сулууспатыгар баран.
Сайабылыанньаны оҕо 6 ыйын туолуор диэри бэриллиэхтээх. Бу кэми куоттардахха, төлөммөт.
Хас да игирэ оҕо төрөөтөҕүнэ, хас биирдиилэригэр бэриллэр.
Харчы 10 үлэ күнүн иһинэн түһүөхтээх — үлэлиир төрөппүттэргэ ЗАГС-ка регистрация кэнниттэн, үлэлээбэт төрөппүттэргэ — Социальнай пуондаҕа сайабылыанньа суруллубутун кэнниттэн.
Уопсайа 500-тэн тахса араас саастаах дьон «Вместе Победим!» диэн сүүрүүгэ кыттыыны ыллылар. Бу аахсыйа онкологическай…
Дьылҕа хаан ыйааҕа билиэҕэ диэн санаа сахаларга хайдах, хаһан кэлбитин билбэтим гынан баран, хас биирдии…
2025 сылга “Үлэ киһитэ‑2025” үрдүк ааты ылбыт дьон ортотугар Бүлүү улууһуттан ийэлээх кыыс бааллара биир…
Саха ынаҕын иитиэн баҕалаах ыал ыйытыытыгар Эбээн Бытантайтан хоруйдаатылар. — Саха ынаҕын иитиэхпитин баҕарабыт. Онон бу…
Мин аҕам туһунан бэрт уһун кэм устата ахтыбакка, суруйбакка сылдьан баран, дьэ бу Улуу Кыайыы…
Нуучча улуу бэйиэтэ, драматура уонна прозаига Александр Пушкин төрөөбүт күнүн көрсө бэйиэт айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэр…