Салгыы
Билгэ: “Дуоллартан сылтаан, соҕуруу кириисис буолуоҕа”

Билгэ: “Дуоллартан сылтаан, соҕуруу кириисис буолуоҕа”

04.01.2025, 15:00
Хаартысканы Айыына Суордаах тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Айыына Суордаах, эмчит:

– Саха сиригэр сиртэн хостонор баай-дуол саҥа сирэ көстүөҕэ. Дуоллар таһымыттан сылтаан, соҕуруу кириисис буолуоҕа. Ол биһиги дойдубутун эмиэ таарыйыаҕа. Дьиэ-уот, сир, ас сыаната үрдүүрүн көрөбүн. Онон дьон харчытын сөпкө туттарга үөрэниэн наада. Урбаанньыттарбыт атын бөдөҥ хампаанньаларга баһыйтаран, аҕыйыахтара.

Дойду үрдүнэн уларыйыы бөҕө иһэр. Соҕурууттан саҕалаан, сир хамсаа­һына элбээн, улахан уу кэлэрин көрөбүн. Дьон халлааҥҥа хаһан да көрбөтөх дьиктитин көрүөҕэ. Эмискэ ардах, хаар түһэр буолуоҕа, кураанныаҕа.

Хас да сиргэ сэрии буолара көстөр. Ол иһин Арассыыйаҕа, Казахстаҥҥа кэлии дьон ахсаана эл­­биэҕэ. Төрөөбүт сирдэриттэн тэскилээбит биир дойдулаахтарбыт төннөн кэлиэхтэрэ. Дойду соҕуруу өттүгэр саба түһүү (агрессия) намырыаҕа.

Сахабыт сиригэр саҥа тутуулар дьэндэйиэхтэрэ, саҥардан оҥоруу үлэлэрэ ыытыллыахтара. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон тахсыахтара, көмпүүтэри баһылаабыт талааннаах оҕолор элбиэхтэрэ. Ону таһынан, былыргы күндү маллар көстүөхтэрэ.

Төрөөһүн аҕыйыыр кутталлаах, доруобуйаларын көрүнэр эрэ дьон оҕолонор кыахтаныахтара. Үгүс дьахталлар “эко” көмөтүнэн оҕолоно сатыылларын көрөбүн.

Сахам дьонугар ийэҕит үүтүн кытта иҥэриммит Айыы итэҕэлигэр ис сүрэххитинэн итэҕэйэн, куруутун көрдөһө, махтана сылдьаргытыгар баҕарабын. Оччоҕо өбүгэлэргититтэн бэриллэр күүстээх өйөбүлү ылыаххыт диэн эрэнэбин.

Сирдээҕи кыһалҕаларга бэриммэккэ, дьиэ-уот, үлэ-хамнас күннээҕи түбүгэр умса түһэн хаалбакка, ис туруккут, сүрэххит тугу этэрин иһиллэнэ үөрэниҥ.

+1
64
+1
0
+1
2
+1
1
+1
2
+1
4
+1
11
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -30°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: