Билиинчиктэн курник бөрүөк

Share

Бүгүн Масленица нэдиэлэтин үһүс күнэ — Лакомка. Бу күннэргэ хаһаайкалар саһарчы буспут билиинчиктэри астаан, оҕолорун, кэргэттэрин күндүлүү-маанылыы сылдьар буолуохтаахтар. Бүгүн билиинчиктэн нуучча норуотун биир бастыҥ бүлүүдэтин — курнигы хайдах астыыры кэпсиэхпит.

Хаартыска: ЕдимДома.

Бастаан билиинчиктэри буһарабыт. Саамай судургу ырысыап — алаадьы тиэстэтин курдук эрээри, убаҕас.

Ыстакаан үүт, 1-2 сымыыт, туус,  2 ост.нь үүнээйи арыыта, бурдук — тиэстэ убаҕас соҕус буолар. Күүскэ ытыйан баран, уонча мүнүүтэ туруора түстэххэ, тиэстэ «тыынар», «хам ылсар». Билиинчик арыый халыҥ соҕус  буолара ордук.

Фудблогер Наталья Оконешникова билиинчигин ырысыаба:

400 мл сылаас үүт, 1/2 ыстакаан оргуйбутунан итии уу, 2 сымыыт, 300 гр бурдук, 1/2 ч.нь. туус, 1/4 ч.нь суода, 100 гр ынах арыыта, 1 ост.нь. саахар.

Сымыыты саахары, тууһу кытта ытыйан  баран, үүтү, суоданы кутуллар. Салгыы бурдугу кутан баран, күүскэ булкуйуллар. Онтон ууллубут арыыны уонна итии ууну кутуллар.

Иһит түгэҕэр билинчиктэри бу курдук ууруллар.

Курник диэн бөрүөк туспа тиэстэлээх буолар. Ол эрээри, бу сырыыга тиэстэ оннугар билиинчиктэри туһанабыт. Оччоҕо курник оҥоһуута сүрдээх судургу буолар. 

Бастаан куурусса этин луугу, моркуобу кытта ыһаарылыыбыт. 4-5 сымыыты ууга буһарабыт. Тэллэйи  (шампиньону) луугу кытта туспа ыһаарылыыбыт (тоҥоруллубут тэллэй буолуон сөп), буспутун кэннэ, чөчөгөй эбэн, минньитэн биэриэххэ сөп.

Дириҥ түгэхтээх иһиккэ 4-5 билиинчиктэри уурабыт. Алларааҥҥы билиинчиктэр иһит эркинин, бөрүөк ойоҕосторун сабар курдук улахан буолуохтаахтар. Билиинчиги сүөгэйинэн сотобут. Ол үрдүгэр ыһаарыламмыт кууруссаны кутан, тэҥнээн баран, билиинчигинэн саба уурабыт, эмиэ сүөгэйинэн сотобут. Иккис араҥа — тэллэй, үһүс араҥа — сымыыт (сымыыкка буспут риһи булкуйуохха эмиэ сөп, оччоҕо ордук тотоойу буолар).

Бүтэһигэр ойоҕоһун билиинчиктэринэн сабан, бөрүөк курдук быһыылыыбыт. Үрдүгэр 1-2 билиинчиги саба уурабыт, сиикэй сымыыт уоһаҕынан сотобут (эбэтэр, түөркэлэммит сыыры кутуохха сөп). Итийбит духуопкаҕа 20 мүнүүтэ буһара түһэбит.

Сорохтор сүөгэй оннугар тума (соус) оҥороллор эбит —  хобордооххо кыра ынах арыытын уулларан, бурдугу кутан, саһарчы буһара түһэн баран, бульон куталлар, үчүгэйдик булкуйаллар. Бу саламаат курдук буһарыллар эрээри, «белый соус» диэн ааттаах, хойуу тума буолан тахсар. Бу туманы хас араҥа ахсын куталлар. Төһөнөн сүмэһиннээх да, соччонон амтаннаах. Көрөргүт курдук, хас хаһаайка бэйэтэ сөбүлүүрүнэн оҥоруон сөп.

Минньигэстик аһааҥ!

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

3 часа ago