Салгыы
Блогер Маргарита Лянге креативнай индустрия кэллиэһигэр сырытта

Блогер Маргарита Лянге креативнай индустрия кэллиэһигэр сырытта

Ааптар:
09.02.2024, 23:02
Хаартыска Наукаҕа уонна үөрэхтээһин министиэристибэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Арассыыйа норуоттарын ассамблеятын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларын чилиэнэ, «Национальный акцент» портал кылаабынай эрэдээктэрэ Маргарита Лянге «Айар Уустар» креативнай индустрияларын кэллиэһигэр сырытта.
Бу туһунан Наукаҕа уонна үөрэхтээһин министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Кэллиэс дириэктэрэ Елена Яковлева мастарыскыайдарга уонна устуудьуйаларга сырытыннаран үлэ-хамнас туһунан кэпсээтэ, устудьуон олоҕун, айар эйгэ, тэхэньиичэскэй хааччыллыы, устудьуоннары бэлэмнээһин туһунан иһитиннэрдэ.
«Айар Уустар устудьуоннара — модельердар уонна дизайнердар эскиистээһинтэн саҕалаан таҥас тигиллэн бэлэм буоларыгар диэри дьарыктаналлар. Итини таһынан араас айар бырайыактары оҥороллор. Кинилэр манна бырамыысыланнай сакаастары толорорго, ааптарыскай дизайны оҥорорго уопут ылаллар. Эдэр исписэлиистэри айымньылаах үлэҕэ сыһыаран устудьуоннар уонна преподавателлэр араас куонкурустарга кытталлар уонна бириистээх миэстэлэри ылаллар, уус-уран быыстапкаларга кытталлар”, – диэн Елена Григорьевна бэлиэтиир.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: