“Бохсуруйуу” этнобалет туһунан бэйэм санаам
Олунньу 16 күнүгэр Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатыра өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ, бас-көс, чаҕылхай артыыһа Дмитрий Артемьев 60 сааһын бэлиэтээн, «Бохсуруйуу» испэктээги Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үҥкүүнэн дьүһүйэн көрдөрүөҕэ.
Түгэнинэн туһанан, Миитэрэйи дьоһун сааһын туолбутунан эҕэрдэлиибин уонна айар үлэтигэр, тус олоҕор дьолу-саргыны баҕарабын. Дьэ, 27 сыл аннараа өттүгэр, 1997 сыл кулун тутар 15 күнүгэр аан бастаан үҥкүүнэн турбут испэктээк туһунан кэпсээммин саҕалыыбын.
«Бохсуруйуу» этнобалет мин Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун аата Үҥкүү тыйаатырыгар иҥэриллэ илигинэ, о.э. 1997 сыллаахха аан бастаан тыйаатырга холонон туруорбут айымньыбынан буолар. Бу испэктээги суруйуом иннинэ Тыл уонна литэрэтиирэ институтун архыыбыгар сылдьан ойууннар тустарынан элбэҕи ааҕан, үөрэтэн барбытым. Ол кэмҥэ П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра «Улуу Кудаҥса» испэктээги туруораары, институт архыыбыгар ойууннар кыырыыларын аах диэн миэхэ сорудах биэрбитэ. Онно элбэх ойуун тылын-өһүн, ойуун хамсаныыларын, дүҥүрүн охсорун, ханнык ыарыыны хайдах эмтиирин, туох эмэгэт туттулларын, чупчуруйуу уонна бохсуруйуу туох уратылаахтарын билбитим. Онтон да атын ойуун албастарын, ньымаларын үөрэтэн, бэйэм өйбүн-санаабын кэҥэппитим.
Үнкүү тыйаатырын оҕолоро 1980 с. Ленинградка үнкүү үөрэҕин бүтэрэн, филармонияҕа үлэлии кэлбиттэрэ. Онно уус-уран салайааччынан Геннадий Баишев анаммыта. Кини миэхэ: «Эн һээдьэлиигин, оҕолору үөрэт», — диэбитэ уонна Покровскайга бастакы гостуруолларын оҥотторбута. Онтон ыла Геннадий Семёнович: “Ойууннаах испэктээги туруоруох эрэ”, — диэн көрүстэр эрэ хаайара. Мин хайдах үҥкүүлүөхтэрэй диэн бэркэ мунаара саныырым. Онтон архыыбым матырыйаалыттан көрүтэлии олорон, “бохсуруйар” диэн тылга иҥнэ түспүтүм уонна сиһилии үөрэппитим. Чупчуруйуу — ыарыһах уҥуохха харбыт буоллаҕына – кыталык эбэтэр туруйа сототун уҥуоҕунан түөһүттэн эбэтэр көхсүттэн супту оборон ылаллар эбит, алгыс көмөтүнэн. Оттон бохсуруйуу – ыалдьа сылдьар киһи иһигэр, көхсүгэр абааһы олохсуйбут буоллаҕына, ол кутун курдаттыы бохсуруйан (оборон) ылан уокка эбэтэр дүҥүргэ (хотуолаан) кэбиһэллэр уонна көннөрөр эбиттэр. Ол иһин, бохсуруйууну улахан ыарыһахтарга туттар эбиттэр. Эдэр киһи ойуун буолуута, саха ыарыыта, оттон ыалдьыбыт уол удьуордаах ойуун буоларыгар урукку ойуун буола сылдьыбыт өбүгэлэрин абааһылара (көмөлөһөөччүлэрэ) уол этин-хаанын, өйүн-санаатын ойуун буоларга эттэтии, кырдьаҕас ойуун уолу уһуйуута — архыып матырыйаалыгар олоҕуран суруллубута, испэктээк уус-уран өттө олоххо буолбут түбэлтэлэри хомуйан оҥоһуллубута.
Геннадий Баишев сценарий бүтэрин кытта муусукатын айарга Владимир Ксенофонтовы көрдөспүтэ. Бэйэтэ сценарийы көрөн олорон үҥкүү хаамыытын аттаран биэрбитин хампаһыытар Владимир Ксенофонтов бэрт түргэнник ис-иһиттэн иэйэн-куойан сахаҕа арааһа бастакы муусуканы айбыта буолуо. Олус дириҥ ис туруктаах муусуканы оҥорон таһаарбыта. Аркыастыр сүрүн дирижера Николай Петров олус сөбүлээн, дууһатын ууран дирижердаан аркыастырын оонньоппута. Геннадий Семенович үҥкүүнү туруоран барбыта, артыыстар бары испэктээктэргэ кыһаллан үлэлээбиттэрэ. Мин сиэр-туом өттүгэр үҥкүүһүттэргэ өйдөтөн хайдах тутталларын көрдөрөн биэрэрим. Оҕолор турукка киирэллэригэр анаан эрчиллии оҥотторорум. Бастаан хайдах эрэ ылыммакка күлэ-үөрэ сылдьыбыттарын биир уолу (аатын эппэппин) турукка киллэрэн баран үөһээ көтүппүтүм, уолум көтөн иһэр курдуга, онтон дьиэ үрдүгэр көтөн кэлбитигэр “түс” диэбитим. Киһим хаһыы-ыһыы, ытабыл-соҥобул бөҕө буолбута. Мин тиийэн туруктан таһаарбытым. “Хайа, турук тугун өйдөөтүҥ дуо?» — диэн ыйыппыппар: «Өйдөөн…» диэхтээбитэ. Атын оҕолор айахтарын атан, харахтара быччайан тахсыар диэри куттаммыттара. Онуоха мин: «Өйдөөн кэбиһиҥ, үлэҕэ чиэһинэйдик сыһыаннаһыахтааххыт, халтура суох буолуохтаах. Оччоҕо эрэ испэктээк көрөөччү итэҕэлин ылыан сөп! Аны күн аайы эрэпэтииссийэ иннинэ дьарыктаныахпыт!» – диэн быһа бааччы саҥаран кэбиспитим. Хайыахтарай, «Ыһы!» — диэн төбөлөрүн хамсанан барбыттара. Онтон ыла эрэпэтииссийэ олус үчүгэйдик, чуолкайдык, ыраастык барара.
Хас да билэр киһим: “Ол бу ойууннары туруораҥҥын, бэйэҕэр куһаҕаны оҥоруохтара. Сэттээх-сэлээннээх, сэрэн эрэ”, — диэн сэрэтэн эппитэ. Ону алгыс көмөтүнэн барыта этэҥҥэ ааспыта, кимиэхэ да туох да куһаҕан буолбатаҕа.
Норуот итэҕэлин сүтэрдэҕинэ, инникитэ сүтэн симэлийэн, эстэн-быстан, атын омук чүмэчитинэн сиртэрэн көрүө да, тыынар салгына да, аһыыр аһа да, тыла-өһө да төһө да баҕарбытын иһин атын… атын… атын!..
Онон, «Бохсуруйуу» этнобалет иитэр суолтата киэҥ, философскай толкуйдаах, ырааҕы ыраҥалаан көрөр диэххэ сөп. Муусуката, үҥкүүтэ, уолаттар бары биир санаанан үлэлээбиппит бу отучча сыл тухары өйбүтүттэн-санаабытыттан арахсыбат. Онон Геннадий Баишевка, Владимир Ксенофонтовка, Николай Петровка муҥура муох махталбын тириэрдэбин, ыраахтан уулуссаҕа көрүстэхпинэ, саха култууратыгар сүҥкэн да дьыаланы оҥорбут уолаттар диэн киэн тутта сылдьабын. Ону тэҥэ испэктээк бастакы толорооччуларыгар, аркыастыр артыыстарыгар бука барыларыгар улахан махтал. Чорботон махталбын биллэрэбин солистарга: Дмитрий Артемьевка (Сээнэгэй) уонна Долаана Федотоваҕа (Кыр Кыыс).
Оччолорго Александр Иванович Алексеев Үнкүү тыйаатырыгар дириэктэринэн саҥа анаммыт эдэр киһи этэ. Үөһээттэн-алларааттан баттааһын кэмэ буолан, бу «Бохсуруйуу» этнобалет тахсан, тыйаатыр сайдарыгар төһүү күүс буолбута диэххэ сөп. Александр Иванович, өр кэмҥэ тыйаатыры сүһүөҕэр туруорбуккар улахан махтал. Өссө да ситиһиилэри, аныгы үйэҕэ фольклорнай тыйаатыргын өрө тута сырыт. Аан дойду ааттаахтарын кытары өбүгэлэриҥ үҥкүүтүн өрө тутан күөн-көрүс, күрэс-былдьас, кыай-хот, уруйу-айхалы тутус!
Афанасий ФЕДОРОВ, «Бохсуруйуу» этнобалет ааптара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, А.Е.Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: