Бойдомҥо овцебыктар элбээбиттэр

Бойдомҥо овцебыктар элбээбиттэр

22.07.2025, 17:00
Хаартыска: Иван Рожин ыытта
Бөлөххө киир:

Аллайыахаҕа овцебыктар үөскээн-тэнийэн эрэллэр. Хороҕор муостаахха, сыспай сиэллээххэ самаан сайын үчүгэйин курдук, овцебыктарга эмиэ бэртээхэй кэм.

— Бу ааспыт өрөбүлгэ улуус кииниттэн Чокуурдаахтан 18 км сиргэ сүүрбэттэн тахса овцебыгы көрдүбүт. Бойдом үрэх таһыгар талахтар быыстарынан сылдьаллара.  Онтон салгыы өссө 7 км айаннаабыт кэннэ Дьолооҥҥо аҕыйах овцебыгы көрдүбүт. Туруктара, көрүҥнэрэ үчүгэй, — диэтэ Аллайыахатааҕы ураты харыстанар сиргэ иниспиэктэрэ Иван Рожин.

Бары сонуннар
Салгыы
23 июля
  • 21°C
  • Ощущается: 21°Влажность: 70% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: