«Бойобуой доҕотторбун санаатахпына, суобаһым оонньуура» (салгыыта)
(Бүтүүтэ. Иннин манна ааҕыҥ).
– Назар Иннокентьевич, кэлиҥҥи командировкаларыҥ бастакыттан төһө уратылаахтарый?
– Билигин байыаннай дьайыы – аныгы технологиялар охсуһуулара.
2022 сыл сайын Харьковка өстөөхтөр квадрокоптердаахтара, ол гынан баран, билиҥҥи курдук элбэх буолбатах этэ.
2022 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр түүҥҥү дьуһуурустуба кэмигэр бензин двигателлээх уонна алта пропеллердаах улахан дрон – “Баба Яга” гексакоптер миэхэ гранатаны бырахпыта. Онно миигин айылҕа сырдык тыына быыһаабыта – силлиэ тыал алдьархайдаах снаряды түһэр траекториятыттан үүрбүтэ, онон окуопаттан балтараа миэтэрэ тэйиччи эстибитэ. Мин онно кыратык контузияламмытым.
Бэһис командировкам кэмигэр ВСУ гексакоптердара сүүһүнэн төгүл элбээбиттэрэ. Биһигини түүн бултаһар алта биинтэлээх “Баба Яга”-тан ураты камикадзе-дрон (тоҕо астарыы кэмигэр эстэр) уонна разведчик-дрон (сырдык кэмҥэ сүгүннээбэт) элбээбиттэрэ.
Биһиги дойдубутун утары Европа барыта, АХШ уонна Скандинавия – НАТО бары блога киирсэрин умнар сатаммат – кинилэр укронационалистары аныгы сэбинэн-сэбиргэлинэн сэбилииллэр. 2,5 сыллааҕы байыаннай дьайыыттан сүрүн уратыта итиннэ сытар.
– Эн улаханнык бааһырбыккын истэн долгуйбуппут. Хаһан, хайдах?
– Атырдьах ыйын 9 күнэ үүнэр түүнүгэр өстөөх үчүгэйдик үөрэммит уонна күүскэ сэбилэммит диверсионнай-чуҥнуур бөлөҕүнэн биһиги биэрэкпитигэр тахсарга уонна тыылга ааһарга холоммута. ВСУ десанын биһиги этэрээппит эппиэтинэстээх зонатыгар баар лииньийэҕэ түһэрии бөртөлүөттэртэн уонна катердартан оҥоһуллубута. Чуҥнуур-кимэн киирэр этэрээппит байыастарын хорсун уонна дьоруойдуу быһыыларынан, “Тимур” комбат уонна “Высотник” своднай рота хамандыырын салайыыларынан биһиги өстөөх диверсионнай-чуҥнуур бөлөҕүн (ДРГ) барытын суох оҥорбуппут, тыылбытыгар тоҕо анньан киирэрин бохсубуппут. ДРГ сүрүн чааһын кыргыы кэнниттэн, мин бааһырбыттары көрдүүргэ, куттала суох сиргэ таһаарарга уонна мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго комбаттан бирикээс туппутум. Олохпор улахан куттал суоһуурун үрдүнэн, диверсионнай-чуҥнуур бөлөх (ДРГ) тобохторун уонна ВСУ квадрокоптердарын ытыалыы-ытыалыы, бирикээһи толорбутум. Түөрт улаханнык бааһырбыт киһиэхэ көмө оҥорбутум, бэһис бааһырбыт киһини көрдүүрбэр 82 миллиметрдаах миномет снарядын «Баба-Яга» үөһээттэн тамнаан, ыараханнык бааһырбытым. Миинэ миигиттэн 2 миэтэрэҕэ үлтү тэппитэ, атахпын, илиибин уонна испин быһа түспүтэ. Бииргэ сылдьар дьонум миигин, шоковай туруктаах киһини, блиндажка соһон, бастакы көмөнү оҥорон уонна госпиталга илдьэн быыһаабыттара. Төһө да сүтүктэннэрбит, бойобуой сорудаҕы толорбуппут – өстөөх бүтүннүү кыргыллыбыта уонна тыылга биһиги подразделениеларбытыгар киирбэтэҕэ.
Кыргыһыы түмүгүнэн, биһиги этэрээппит уонна кимэн киирэр биригээдэ командованиета уһулуччу биллибит байыастары, ол иһигэр миигин, судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэрбиттэрэ. Госпиталга эмтэнэ сытан однополчаннарым ол кыргыһыыны уонна мин дьайыыларбын хоһуйан, миэхэ ырыа анаабыттарын биллим.
– Эр дьон доҕордоһуутун, сомоҕолоһуутун туһунан кэпсиэҥ дуо?
-Мин бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Тоҕо диэтэххэ, хаста даҕаны, күн аайы кэриэтэ даҕаны өлөр куттал баарын үрдүнэн, айылҕа сырдык тыынын, Үрдүк айыыларым, бойобуой бырааттарым уонна хамандыырдарым, ону сэргэ үрүҥ халааттаах аанньаллар өйөбүллэринэн тыыннаах хааллым. Биэс командировкам тухары дьиҥнээх патриоттары уонна дойдуну көмүскээччилэри, үтүө дьону кытары билистим, дьиҥнээх доҕоттору буллум.
Түгэнинэн туһанан, миигин быһаабыт однополчаннарбар Денис Роженцевка (Алтай), Олег Матвеевка уонна Алексей Коноваловка (Красноярскай); үрүҥ халааттаах аанньалларбар – «ВМКГ 1472» Севастополлааҕы байыаннай госпиталь ис көҥдөйүн хирургиятын отделениетын кэлэктиибигэр, Денис Григорьев хамаандатыгар уонна ыкса сибээстээх подразделениеларга; 12676 байыаннай чаас хирурдарыгар уонна реаниматологтарыгар; Крымҥа Саха сирин волонтердарыгар Елена уонна Сергей Мадеевтарга, Лена Ивановаҕа уонна Любовь Журавлеваҕа; Саха сирин байыаннай дьайыыга бэтэрээннэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Иван Черкашиҥҥа; Саха сирин волонтёра Светлана Диодороваҕа; мин «Папа-Ростовабар», Харьковка сулууспалыыр кэммэр байыаннай хамандыырбар Андрей Шуткевичка; ону сэргэ Саха сиригэр биир идэлээхтэрбэр, аймахтарбар уонна доҕотторбор, бары көмөлөспүт дьоҥҥо дириҥ махталбын биллэрэбин.
Билигин мин туох баҕа санаалаахпыный? Бастатан туран, толору эмтэнии. Иккиһинэн, үлэбэр тахсыы. Үсүһүнэн, салгыы дойдубут туһугар сулууспалааһын уонна ыччаты дьиҥнээх патриот гына иитии.
Биһиги сотору хайаан да кыайыахпыт! Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа! Барыгытыгар доруобуйаны уонна эйэлээх халлааны баҕарабын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: