Салгыы
Болгуо тааһы уһааран

Болгуо тааһы уһааран

10.09.2024, 16:22
Хаартыска: "Мандар уус" киинин пресс-киинэ.
Бөлөххө киир:

Кырдьаҕас Баайаҕа уустара былыр-былыргыттан болгуо тааһы уһааран, онтон тимирин ылан, оҥоһуктарын оҥороллоро.

Баайаҕа биллэр тимир ууһа Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус көҕүлээн, баһылык Р.Р. Романов турунан, бастакы уһаарыы ыытыллыбыта. Үс сыллааҕыта этнограф, уус Н.И. Егоров-Баайаҕыын былыр хайдах уһааралларын чинчийэн, ол ньыманы туттан тэрийбитэ.

Быйыл Баайаҕа үрэҕэ Аллан өрүскэ түһэр тардыытыттан анаан аҕалыллыбыт болгуону уһаардылар. Ону көҕүлээччинэн «Мандар кыһата» сайыҥҥы оскуола уһуйааччыта, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара Иван Иванович Неустроев буолар. Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Мандар Уус алгыһынан уһаарыы саҕаланна. Бу күн Баайаҕа аатын ааттатар эдэр уустар түмсэн, илиилэринэн-атахтарынан тутан-хабан, тимири уһааран, олохторугар биир умнуллубат түгэни хааллардылар. Сыралаах үлэ түмүгүнэн, 2 кг 700 гр тимир ылылынна.

«Мандар Уус» киин пресс-киинэ

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: