«Боотур» киин бойобуой дьайыыга бэлэмниир

Share

Быстах байыаннай хомуурга барааччылары бэлэмниир«Боотур» эрчиллэр, үөрэтэр киини «Братство краповых беретов» бэрэссэдээтэлэ, бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт уолаттар  ассоциацияларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Олег Аммосов сүрүннүүр. Бүгүн кинини кытта кэпсэттибит.  

Билигин дойду үрдүнэн уустук балаһыанньа турар. Суһал быстах  хомуур саҕаламмытыгар дьон-сэргэ бэлэмэ суох буолан, араас­тык ылынна. Онуоха эһиги «Боотур» диэн бойобуой дьа­­йыыларга бэлэмниир киини арыйан, баҕа өттүлэринэн байыаннай хомуурга барар  дьону бэлэмнээн эрэҕит.

– “Боотурдиэн байыаннай эрчиллии, үөрэтэр киини тэрийии идиэйэтэ  биһиэхэ быдан эрдэ, Украинаҕа байыаннай дьайыылар саҕалана  иликтэринэ киирбитэ. Кииммит бойобуой дьайыыларгасылдьыбыт бэтэрээннэр сэбиэттэрин быһаарыытынан, былырыын сэтинньигэ тэриллибитэ. Араас хайысхаҕа дьону дьарыктыыр инструктордарбыт бары Москваҕа “Витязь” диэн анал үөрэтэр кииҥҥэ  бэлэмнэниини ааспыттара. Манна үөрэммит уолаттар бары Сирия, Чечня, Украина, Грузия бойобуой дьайыыларыгар сылдьыбыт дьон. «Боотур» үөрэтэр кииммитигэр биһиги баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга барааччылары бэлэмниибит. Маннык бэлэмнэнии  ха­­йаан да наада. Хайалаах, тыалаах сиргэ уонна куорат сиригэр байыаннай дьайыыга хайдах сылдьарга үөрэтэбит.

Бу киини тэрийиигэ туохха тирэҕирбиккитий, үп-харчы кыһалҕатын хайдах бы­­һаарбыккытый?

Биһигини өрөспүүбүлүкэбит дьаһалтата уонна Уопсастыбаннай палаата  өйөөбүтэ. Ол курдук, билигин добровольческай ыстааппыт үлэлии турар. Биһиги сүрүннээн баҕа өттүнэн байыаннай хомуурга барар  дьону дьарыктыыбыт. Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, биһиги, бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт уолаттар, ассоциациялаахпыт. Ол ассоциациябыт хас да түмсүүттэн турар. Бу манна сааһыттан тутулуга  суох, Украинаттан кэлбит уолаттар эмиэ киирэллэр. Бэрэссэдээтэлбит Иван Петрович Черкашин буолар. Мин кини солбуйааччыта  буолабын. Ону сэргэ “Братство краповых беретов” диэн түмсүүлээхпит. Биһиги, краповай береттэр, аҕыйахпыт. Билигин уолаттарбыт үксүлэрэ спецподразделениеларга бааллар. Ол да буоллар, уолаттарбытыгар сүбэ-соргу, күүс-көмө буоларга кыһанабыт. Бары бииргэ тутуһан сылдьабыт.

– Олег, бэйэҥ ханнык бо­­йобуой дьайыыларга сылдьыбыккыный?

– 2000-c сылларга Хотугу Кавказка хантараагынан сулуус­палаабытым. Ол сылдьан ыараханнык бааһырбытым. Сыл устата госпиталга  сыппытым. Ити кэннэ өссө алта сыл салгыы сулууспа­лаабытым. Билигин иккис группалаах инбэлииппин. Сахам сиригэр кэлэн  баран Дьокуускай куорат 30 №-дээх оскуолатыгар оҕолору байыаннай  бэлэмнэниигэ дьарыктыырым, уопсастыбаннай үлэҕэ кыттарым.

– “Боотурэрчиллэр, үөрэтэр кииҥҥитигэр суһал байыаннай хомуурга  эрэ барааччылар сылдьаллар дуо?

Кииммитигэр уонча араас үөрэх кыһатын устудьуоннара кэлэн байыаннай  эстэпиэтэҕэ кыттыбыттара. Бу тэрээһини Дьокуускай куорат  дьаһалтатын кытта кыттыгас тэрийбиппит. Онон инникитин бу  устудьуоннары кытта салгыы бииргэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Түгэнинэн туһанан, биһигиБоотурэрчиллэр, үөрэтэр Кииммитигэр  үлэлэһэр доҕотторбутун хайаан даҕаны бэлиэтээн аастахха  табыллар. Ол курдук, Иван Иванович Данилов, «Офсет» тэрилтэ сала­йааччылара Дария уонна Алексей Скобелевтар, СӨ Аҕаларын лигата, Дьокуускай куорат­тааҕы Аҕалар сэбиэттэрэ биһигини  өйүүллэр, бииргэ үлэлэһэллэр. Ону сэргэ, Уопсастыбаннай палаататтан Николай Дмитриевич Бугаев  фроҥҥа сылдьар  боо­турдарбытыгар Саха сирин аатыттан хаста даҕаны көмө  тиэрдэ, кинилэри көрсө тиийэ сырытта. Онон киниэхэ эмиэ түгэнинэн  туһанан махталбытын тиэрдэбит.  Үлэлиир баазабыт ОДьКХ-тын төлөбүрүн, аптамааттары, атын да тэриллэри ити көмө оҥорор  табаарыстарбыт, тэрилтэлэр көмөлөрүнэн уонна үөрэтэр киин  буолан ассоциациябыт аатыттан суруктары суруйан булабыт, бэ­­йэбит эмиэ сүүрэбит-көтөбүт. Ол курдук, баазабытыгар субуотунньугу эҥин бэйэбит тэрийэбит. Бу соторутааҕыта суунар хос  (душ) оҥоһуллан бүттэ.

Дьон билиҥҥи уустук балаһыанньаны дьэ өйдөөн эрэр. Дьон-сэргэ долгу­йар, айманар да диэххэ сөп. Бу туһунан эн тус санааҥ .

– Бары сахабыт дьонун-сэргэтин, ийэлэри бойобуой суолу ааспыт уолаттар ааттарыттан, сахабыт боотурдарыгар өй-санаа өттүнэн күүс-көмө буолуоҕуҥ диэн ыҥырабыт. Байыаннай хомуурга барбыт уолаттарбытын уйулҕа, өй-санаа өттүнэн өйүөҕүҥ. Биһиги«Боотур» кииммитигэр Украинаттан, байыаннай дьайыыттан кэлбит уолаттар баҕа өттүнэн барар уолаттарбытыгар сүбэлээн-амалаан, антах балаһыанньа хайдаҕын кэпсээн, өй-санаа өттүнэн көмөлөһөллөр, тирэх буолаллар. Түгэнинэн туһанан, ким баҕалаах, интэриэһиргиир биһиэхэ сибээскэ тахсыҥ, үөрэтэр кииммитигэр кэлэн бо­­йобуой тактикаҕа үөрэниҥ диэн ыҥырыам этэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

12 часов ago