«Боотур» үөрэтэр кииҥҥэ баҕа өттүнэн быстах байыаннай хомуурга барааччылары бэлэмнииллэр
«Боотур» үөрэтэр кииҥҥэ баҕа өттүнэн быстах байыаннай хомуурга барааччылары бэлэмнииллэр.
Бу туһунан “Братство краповых беретов” бэрэссэдээтэлэ, бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт уолаттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Олег Аммосов кэпсээтэ:
— Мин Хотугу Кавказка хантарааҕынан сулууспалыы сылдьан, ыараханнык бааһырбытым. Сыл устата госпитальга сыппытым. Ол кэннэ өссө алта сыл салгыы сулууспалаабытым. Сахам сиригэр кэлэн баран, Дьокуускай куорат 30 №-дээх оскуолатыгар оҕолору байыаннай бэлэмнэниигэ дьарыктыырым, уопсастыбаннай үлэҕэ кыттарым. «Боотур» диэн байыаннай эрчиллии кулуубун тэрийии идиэйэтэ биһиэхэ быдан эрдэ, Украинаны кытта байыаннай дьайыылар саҕалана иликтэринэ, киирбитэ. Араас хайысхаҕа дьону дьарыктыыр инструктордарбыт бары Москваҕа анал үөрэтэр кииҥҥэ бэлэмнэниини ааспыттара. Билигин биһиги баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга барааччылары бэлэмниибит.
Олег Аммосовтыын сиһилии кэпсэтиини «Саха сирэ” хаһыат алтынньы 20 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: