Салгыы
«Өрөгөй» сүүйүүлээх оонньуу тэрийээччилэрэ 1 мөлүйүөн солкуобайы көмө оҥордулар

«Өрөгөй» сүүйүүлээх оонньуу тэрийээччилэрэ 1 мөлүйүөн солкуобайы көмө оҥордулар

17.01.2023, 14:50
Бөлөххө киир:

«Өрөгөй» сүүйүүлээх оонньуу тэрийээччилэрэ 1 мөлүйүөн солкуобайы Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ барааччыларга анаан көмө оҥордулар.

Бу туһунан «Якутия с тобой» хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурга социальнай ситимҥэ маннык эппит:

— Доҕоттоор, «Якутия с тобой» хамсааһыммытыгар көмө оҥорор  Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын анал счетугар «Өрөгөй» сүүйүүлээх оонньуу тэрийээччилэрэ 1 мөлүйүөн солкуобайы көмө быһыытынан ыыттылар. Биһиги ыстааппытыгар уопсай сүбэнэн быһаарыныы ылыныахпыт. Байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр туһунан толкуй эмиэ киирэ сылдьыбыта эрээри, бойобуой дьайыыга сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлэллэрин туһугар анал тэриллэри, таҥас-сап, эмп-томп атыылаһар ордук дии саныыбын. Уопсай сүбэнэн быһаарарга сүбэ-соргу буолуҥ, манна санааҕытын суруйуҥ!

Билигин кини страницатыгар ити үбү хайдах сөпкө тыыран туһаныахха сөбүн туһунан кэпсэтии бара турар. Ол курдук, бу харчыны байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт дуу эбэтэр таҥаһынан-сабынан, сэбинэн-сэбиргэлинэн быстах хомуурга барааччылары хааччыйабыт дуу дэһэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: