Боппосов быйылгы куобаҕа барабааҥҥа оонньуур

Share

Таатта улууһун Уолба сэлиэнньэтин олохтооҕо Михаил Боппосов сыл аайы балбаахтан илиҥҥи халандаарынан сыл бэлиэлэрин оҥорон дьону үөрдэр идэлээх. Ааспыт сыл бэлиэтин баабыры дьиэ кэргэнинээн оҥорон дьон сэҥээриитин ылбыта. Аны быйыл кэлэр сыл бэлиэтин барабаанныыр куобаҕы оҥорон дьонун-сэргэтин сөхтөрдө.

Маннык балбаахтан араас фигуралары оҥорор идиэйэ Михаилга 2011 с. киирбитэ. Онтон ыла быйыл 12 сылын бэйэтин айымньыларын балбааҕынан оҥорон Уолбатын аатырдар. Айымньытын хайдах оҥорон бүтэрдэ даҕаны биир дойдулаахтара хаартыскаҕа түһэрэн социальнай ситимнэринэн тарҕатан, дьон интэриэһин тардаллар.

Быйылгы куобаҕа ураты буолла, илиитэ хамсаан барабааны охсуолуур. Куобах барабааны хайдах охсорун Михаил маннык кэпсиир: «Быйыл бу уон иккис оҥоһугум. Бэйэм сүөһүлэрбин эспитим икки сыл буолла, онон бырааппар Киэсэҕэ кыттыһан, кини хотонун аттыгар оҥоробун. Былырыын бырааппар эһиил барабааннаах куобаҕы оҥоруом диэбитим, онтубун толордум. Хамсатар мэхэньиисимэ улахан буолан, куобахпыт эмиэ балай да улахан буолла. Мэхэньиисимин бырааттарбын Киэсэни уонна Баанньаны көмөлөһүннэрэн, сэппэрээтэр киэнин курдук оҥордубут. Куобах кэннигэр киһи туран эрийэр, оччоҕо илиитэ хамсыыр. Онтон барабаана күпсүүр, ортото кураанах мас, ону эрийэ тардан, хаймыылаан оҥордубут. Мэхэньиисимин чааһын сайыҥҥыттан муспутум, тимирдэрин, сыабын, о.д.а. эрдэттэн хомуйан толкуйдаабытым. Урут баччаларга олус тымныы буолааччы, тоҥо-тоҥо үлэлээччибин, быйыл сылаас дьыл буолан, балбаах кыайан сыстыбакка, хойутаан саҕалаабытым».

Уран тарбахтаах, мындыр толкуйдаах Михаил таах олорбот, айар талааннаах киһи хайдах да матырыйаалтан тугу баҕарар оҥорон таһаарар кыахтааҕын манан көрдөрөр, бэйэтин айымньыларынан дьонун үөрдэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Игорь Юргины Арассыыйа Үөрэҕириитин министиэристибэтигэр үлэҕэ ыҥырдылар

СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу, Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин Арассыыйа Үөрэҕириитин…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хочо хомунаалынай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ баһаары  умуруорустулар

Саха сиригэр ойуурга уот турар кутталлаах кэмигэр хаһааҥҥытааҕар даҕаны сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Ыксаллаах түгэн үөскээтэҕинэ,…

36 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Росгвардия үлэһиттэрэ ирдэбилгэ сылдьар үс киһини туттулар

Ааспыт өрөбүллэргэ Росгвардия үлэһиттэрэ Саха сиригэр ирдэбилгэ сылдьар үс киһини туттулар. Икки киһи байыаннай борокуратуура…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин артыыстара Донецкай өрөспүүбүлүкэҕэ кэнсиэрдээтилэр

Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ Еленовка бөһүөлэгэр Култуура дьиэтин үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Манна Саха сирин артыыстара кыттыыны…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Быйаҥныырга уматык тиийбит

Суолу баттаһа оттугунан-уматыгынан хааччылыы хоту улуустарга тыын боппуруоһунан буолар. Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгэр хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Тохсус этээстэн сууллубут оҕо доруобуйатын туруга ыарахан

Дьокуускайга ыам ыйын 10 күнүгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэ тохсус этээһиттэн түөрт саастаах уол оҕо сууллубута.…

3 часа ago