Бороҕон олохтоохторо хаарбах дьиэттэн саҥа дьиэҕэ көһүөхтэрэ

Share

Уус Алдан улууһун киинигэр, Бороҕоҥҥо, Ленин уулуссатыгар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллан бүтэн үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Кэнники сылга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата сөптөөхтүк үбүлэнэр буолан, үлэ тэтимнээхтик баран эрэр.  Ил Дархан Айсен Николаев: «Арассыыйа эрэгэйиэннэрин кытары тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр  хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата киэҥ хабааннаахтык барар. 2025 с. диэри 1 мөл. кв.м ордук хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүөхтээхпит, бу — дойду уопсай көрдөрүүтүттэн 9,6 %-ны ылар».

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Бороҕон сэлиэнньэтигэр тутуллубут түөрт этээстээх олорор дьиэ уопсай иэнэ 2680 кв. м. Бу күннэргэ хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэр сабыс-саҥа, сып-сырдык, таас дьиэҕэ киирэн үөрүөхтэрэ-көтүөхтэрэ турдаҕа. Сотору кэминэн толору хааччыллыылаах, оҥоһуулаах 44 кыбартыыраҕа дьон көһөн киирэн олохсуйуо.

Бу эбийиэк өрөспүүбүлүкэ Госстройнадзорун түмүктүүр бэрэбиэркэтин ааспытын уонна бырайыакка сөп түбэһэрин, докумуону ылбытын туһунан өрөспүүбүлүкэ Тутуутун министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Билиҥҥитэ судаарыстыбаннай 9 хантараагынан 43 олорор дьиэни атыылаһарга дуогабар түһэрсилиннэ. Санатан этэр буоллахха, Саха сиригэр 25,7 тыһ. киһи 461,7 тыһ. кв.м. хаарбах туруктаах олорор дьиэттэн көһөрүллэрэ былааннанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 20,4 тыһ. киһи эбэтэр 8233 дьиэ кэргэн 374,8 тыһ. кв.м көһөрүлүннэ, ол былаан туолуутун 81 % тэҥнэһэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

16 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

16 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

17 часов ago